07.05.2021 | 17:01

Дьокуускайга коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт дьоҥҥо стационар аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина бүгүҥҥү брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Бу коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт дьон ахсаана эбиллэ турарын кытта сибээстээх. 
Маны сэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыалдьыбыт дьон ахсаана эбиллэн, куойка ахсаанын элбэппиттэрэ этилиннэ. Бүгүҥҥү туругунан улууска ыалдьыбыт киһи ахсаана 29 тиийбит (бэҕэһээ – 13).  
Ольга Балабкина эппитинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бүтүн ыалынан, дьиэ кэргэнинэн ыалдьыбыттар. Методическай уонна тэрийэр көмөнү оҥороору улууска үлэ уонна социальнай сайдыы, доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэриттэн уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыттан бөлөхтөр тиийбиттэр. Маны сэргэ Амма, Бүлүү улуустара ураты хонтуруолга ылылыннылар. 
Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа Кэбээйи, Орто Халыма улуустарыттан ыарахан форманан ыалдьыбыт дьон киирбитин туһунан Ольга Балабкина эбэн эттэ. 
Онон орто, орто анал үөрэх кыһаларын устудьуоннарын дистанционнай үөрэтиигэ көһөрүү туһунан кэпсэтии бара турарын Ольга Балабкина тоһоҕолоон эттэ. Ити миэрэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннарга эмиэ булгуччу наадалаах. 
«Респираторнай ыарыыга ыалдьыбыт сибики баар буолла даҕаны, булгуччу доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр, колл-кииннэргэ биллэрэн быраастары ыҥырыҥ, ыарыыгытын баалатымаҥ», — диэн түмүктээтэ вице-премьер.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...