Дьокуускайга историческай суолталаах тутуулары чөлүгэр түһэриэхтэрэ
СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, эр дьон прогимназията турар сирэ өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолар.
«СӨ баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ 1286 кв.м иэннээх култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ турар сирин федеральнайтан өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирэрин курдук үлэ ыытта. Саха сирин биир эргэ тутуута аттыгар турар бастакы Реальнай училищены кытта „Мас Дьокуускай. Залог“ бырайыак чэрчитинэн чөлүгэр түһэриллиэҕэ», – диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Дьокуускайдааҕы эр дьон классическай прогимназиялара 1873 сыллаахха тутуллубута. Манна саха бастакы интеллигенцията – саха литературатын төрүттээччи Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, учуонайдар уонна политическай деятеллэр ини-бии Ксенофонтовтар, уопсастыбаннай уонна политическай деятель Василий Никифоров-Күлүмнүүр, синтетическэй каучугу айбыт Сорбонна уонна Прага университетын преподавателэ Иван Кондаков уо.д.а. үөрэммиттэрэ.
1934 сыллаахха манна Саха сиригэр бастакы үөрэх кыһата – Педагогическай институт аһыллыбыта. Онтон СГУ историко-филологическай уонна инженернэй-техническэй салаалара, байыаннай кафедра, Мединститут анатомияҕа кафедрата үлэлээбиттэрэ.
2014 сыллаахха архитектурнай пааматынньыгы уматаннар, дьиэ үрдэ сууллубут, ол эрэн эркиннэрин сорҕото уонна акылаата ордубут.
Санатар буоллахха, эр дьон классическай прогимназияларын уонна Реальнай училищены чөлүгэр түһэрэр туһунан 2020 сыл ахсынньы 24 күнүгэр Саха АССР 100 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн Ил Түмэн мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев эппитэ. Кини бырабыыталыстыбаҕа 2021 сылга ити икки тутууну чөлүгэр түһэриини саҕалыылларыгар сорудахтаабыта.