10.08.2022 | 16:00

Дьокуускайга инклюзивнай мастарыскыайдар аһыллыахтара

«Харысхал» Аһымал пуондата, Потанин Пуондата тэрийбит «Точка опоры» куонкуруһугар кыайыыны ситиһэн, инклюзивнай мастарыскыайдары арыйарга 4,3 мөл тахса солкуобайы ылла диэн иһитиннэрдэ Пуонда пресс-сулууспата.
Дьокуускайга инклюзивнай мастарыскыайдар аһыллыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Керамика мастарыскыайдарыгар уонна иистэнэр сыахха инбэлииттээх эдэр дьон уонна инбэлиит оҕолор ийэлэрэ үлэлиэхтэрэ. Оҥоһуктар атыыларыттан киирбит үп инбэлиит уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору өйүүргэ барыаҕа.

Саха сириттэн «Харысхал» Аһымал пуондата соҕотох кыайыылааҕынан буолла. Гыраан уопсай суумата – 4 334 100 солкуобай. Куонкурус тэрийээччитэ – Москватааҕы «Владимир Потанин» Аһымал пуондата.

 «Точка опоры» күрэх инфраструктурнай, социальнай хайысхалаах судаарыстыбаннайа уонна кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри өйүүр сыаллаах. Бүтүн Арассыыйаттан куонкуруска кыттыан баҕалаахтартан 274 сайаапка киирбит.

««Владимир Потанин» Аһымал пуондатын күрэҕэр кыайыы – улахан эппиэтинэс, итэҕэл кредитэ, хаачыстыба маарката! Пуондабыт итинник улахан гыраанынан көмөнү ылбатаҕа ыраатта. Ити сайдыы саҥа хайысхата. «Путешествие в страну глинотерапии» инклюзивнай студияҕа оҕолор туойтан оҥоһуктарын көрөн баран итинниги тэрийэр идиэйэ киирбитэ. «Харысхал» пуондатын «сылаас» оҥоһуктара хас биирдии дьиэҕэ баар буолуохтаахтар дии санаабытым. Билигин бырайыагы олоххо киллэрэргэ дьиэни көрдөнөбүт», - диэн үллэһиннэ «Харысхал» Аһымал пуондатын дириэктэрэ Любовь Клюкина.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....