17.09.2021 | 13:00

Дьокуускайга быыбар хаамыытын кэтээн көрөр киин тэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка быыбар хаамыытын кэтээн көрөр Уопсастыбаннай киин тэрилиннэ. Киин дойдуга биир бөдөҥүнэн буолар уонна быыбардары ким баҕарар  Курашов уул., 24 нүөмэригэр кэлэн кэтээн көрүөн сөп диэн киин салайааччыта Альбина Черепанова иһитиннэрдэ. 
«Улахан история төрүттэнэн саҕаланыытыгар турабыт. Маннык кэтээн көрүү систиэмэтэ Арассыыйаҕа аан бастакы төгүлүн тэрилиннэ. Дьон быыбар хайдах барарын билбэппит, көрбөппүт диэн хом санаатын биллэрээччи. Дьиҥэр хас биирдии быыбардыыр учаастакка баартыйалартан, уопсастыбаннастан кэтээн көрөөччүлэр бааллар. Ким баҕалаах манна кэлэн көрүөн сөп», – диэтэ  Альбина Черепанова.
Кэтээн көрүү Уопсастыбаннай киинин салайааччыта эппитинэн,  кэтээн көрүү систиэмэтигэр 277 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар холбоммуттар, сорох сирдэргэ регистратордар туруоруллуохтара. 
«Киин бээтинсэттэн саҕалаан үс суукканы быһа үлэлиир – бүтэһик учаастакка бүтэһик бүлүтүөн ааҕыллыар диэри. Ити кэм устата ким баҕарар кэлэн көрүөн сөп. Итини сэргэ «Ростелеком» тустаах учаастагы эбэтэр кэтээн көрөр кэмҥэ туох эбит буолбутун бэрэбиэркэлиэн баҕалаахтарга 20 оробуочай миэстэни оҥорорго көмөлөстө», – диэтэ кини. 
Киин барыта 100-чэ киһини батарар кыахтаах. Ити Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын уонна өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэ. 
«Быыбардыыр хамыыһыйа быһыытынан быыбары ыытарга бэлэммит, бу хампаанньаны сөптөөх таһымҥа ыытыахпыт диэн эрэнэбин. Гражданскай уопсастыба институттара бу Киини тэрийиигэ дьоһуннук бэлэмнэммиттэрэ, Киин быыбар хампаанньата дьоҥҥо аһаҕас  буоларын хааччыйар», – диэтэ  Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров.
Киин аһыллыытыгар Саха сиринээҕи киһи быраабыгар Боломуочуйалаах аппараат үлэлэспитэ бэлиэтэннэ. 
«Аппараат бөлөҕүн тэрийдибит, дьахтар тэриллиитин уонна ХИФУ юридическай факультетын кытта доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо көмөнү оҥоруохпут. Хааччаҕа суох эйгэ (безбарьерная среда) тэриллибэтэх быыбардыыр учаастактарыгар дьиэҕэ куоластааһын тэриллиэҕэ. Гражданнар бырааптарын тутуһууну прокуратура кэтээн көрүөҕэ», – диэтэ  омбудсмен Сардана Гурьева.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...