Дьокуускайга Биир кэлим итиинэн хааччыйар тэрилтэ баар буолуоҕа
2021 сыл тохсунньу ыйыттан Дьокуускай куоракка Биир кэлим итиинэн хааччыйар тэрилтэ (ЕТО) баар буолара былааннанар. Бу куорат дьаһалтата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата, “Федеральная гидрогенерирующая компания – Русгидро” ПАУо бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр олоххо киириэхтээх. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика Департамена иһитиннэрбитинэн, дьон олоҕун бары өттүнэн хааччыйар тэрилтэлэри холбооһун итиинэн хааччыйар систиэмэ көдьүүстээх сайдыытыгар уонна техническэй салайыытыгар олук ууруоҕа, ону таһынан бу эйгэҕэ инвестиция кэрэхсэбиллээх буолуоҕа.
“Биир кэлим итиинэн хааччыйар тэрилтэ хаачыстыба иһин эппиэттиир уонна тохтоло суох үлэни ыытар, технологическай кэһиилэргэ эппиэтинэһи сүгэр. “Якутскэнерго” ПАУо сокуон бары ирдэбилигэр эппиэттиир, ол иһигэр бигэргэтиллибит схеманан эрэллээхтик хааччыйар кыахтаах”, – диэтэ ОДьКХ боппуруостарыгар куорат баһылыгын солбуйааччы Роман Сорокин.
Ону таһынан кини билигин куорат дьаһалтата СӨ ОДьКХ министиэристибэтин кытта Дьокуускайга үлэ хаамыытын каартатын оҥоһуллан бүппүтүн, анал хамыыһыйа тэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.