12.08.2022 | 14:00 | Просмотров: 657

Дьокуускайга баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирдэ

2022 сыл атырдьах ыйын 9 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирдэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр ойуурга ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн, итиэннэ баһаары умуорааччылартан ураты тырааныспар киирэрэ уонна кутаа уоту уматтан ас буһарынар бобуллар.

Көҥүл өттүнэн үлэлиир баһаарынай дружиналар, салайар хампаанньалар  уонна олохтоохтор табаарыстыбалара территориялары бөхтөн ыраастыыр, уокуруктар кыраныыссаларыгар хаппыт оту охсор үлэлэрин күүһүртүлэр, итини сэргэ умайар матырыйааллары, бытовой бөҕү уонна хаппыт оту хомуйаллар. Патруллуур сулууспалар «Ураты бэлэм» эрэсиимҥэ көстүлэр.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр аттыларыгар баһаарынай тиэхиньикэ киирэрин мэһэйдиир сокуоннайа суох туруоруллубут гараастары, контейнердары, тэпилииссэлэри уо.д.а. бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр ыытыллаллар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.