06.09.2022 | 12:00

Дьокуускайга бөҕү араарар ыстаансыйа тутуллуоҕа

Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы корпорацията уонна «Айылҕа» хампаанньа ВЭФ-2022 дьыалабыай бырагырааматын чэрчитинэн Дьокуускайга бөҕү мунньар, араарар ыстаансыйаны тутар инвестиционнай бырайыакка илии баттастылар диэн иһитиннэрдэ СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Дьокуускайга бөҕү араарар ыстаансыйа тутуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Докумуоҥҥа Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы корпорациятын дириэктэрэ Сергей Скалий уонна «Айылҕа» хампаанньа дириэктэрэ Владимир Сыромятников илии баттаатылар. Ыстаансыйа сылга 150 тыһыынча тонна кытаанах бөҕү араарар, талар кыахтаах. Тэрилтэ Дьокуускай куорат кытаанах бөҕүн 100% суордунан арааран, туһаҕа тахсарын талан ылыаҕа. Бырайыакка кытаанах бөхтөн уматыгы оҥорон таһаарар кыах баара этиллэр. Бөҕү араарар ыстаансыйа өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан «Экология» национальнай бырайыак «Комплексная система обращения с твердыми коммунальными отходами» регионнааҕы бырайыагын чэрчитинэн, Бүлүүлүүр суол 8-с килэмиэтиригэр тутуллуоҕа.

«Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ стратегическай суолталаах. Ыстаансыйа көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хомуллар кытаанах бөх 50%-нын арааран, иккистээн туһаҕа таһаарыахпыт. 2030 сылга диэри кытаанах бөх 100%-н наардыыр буолуохпут», - диэн эттэ ОДьКХ, энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов.

«Билигин бырайыактыыр-сметалыыр экспертизаҕа докумуоннары бэлэмнээһини түмүктээн эрэбит. Ыстаансыйаны 2023 сыл 3-с кыбаарталыгар киллэрэри былаанныыбыт. Бырайыакпыт ирбэт тоҥҥо тутуллубут аан бастакы бөҕү араарар эбийиэгинэн буолуоҕа. Итиэннэ бөхтөн иккистээн оҥорон таһаарыы экономикаҕа да туһалаах буолуоҕа, социальнай эппиэтинэс да үрдүөҕэ. Саҥа үлэ миэстэтин таһааран 90-ча киһини үлэлэтиэхпит», - диэн иһитиннэрдэ «Айылҕа» хампаанньа дириэктэрэ Владимир Сыромятников.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....