07.12.2022 | 15:00

Дьокуускайга аһымал кэнсиэр ыытылынна

Ахсынньы 5 күнүгэр Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр мобилизицияҕа ыҥырыллыбыт Саха сирин олохтоохторун өйүүр аһымал кэнсиэр ыытылынна.
Дьокуускайга аһымал кэнсиэр ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйатааҕы Волонтер күнүгэр, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар, Саха АССР  100 уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылларыгар анаммыт «Ийэ сирим алгыhа» – «Молоды душой» регионнааҕы «үрүҥ көмүс» волонтерство киинин аһымал кэнсиэрэ.  Кэнсиэри Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Абый уо.д.а. улуустар баҕа өттүнэн үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ тэрийдилэр.

Тэрээһиҥҥэ Ытык Сүбэ чилиэнэ У.А. Винокурова, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ,  Култуура уонна искусство Арктическай судаарыстыбаннай институтун бастакы проректора С.С. Иванов, Дьокуускай куоракка Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлэ П.Е. Чымыров эҕэрдэ тылы эттилэр. Волонтер күнүнэн «Молоды душой» федеральнай бырагыраама салайааччыта Ю.С. Мальцева видеонан эҕэрдэтин тириэртэ.

Регионнааҕы «үрүҥ көмүс» волонтерство хамсааһын көхтөөхтөрүн наҕараадалааһын буолла: кинилэргэ СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын, итиэннэ СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин махтал суруктарын, Үөһээ Бүлүү улууһун Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга департаменын, СӨ Уопсастыбаннай палаататын бочуоттаах грамоталарын, итини сэргэ «Саха АССР  100 сыла»  үбүлүөйдээх бэлиэни туттардылар.

Дьон болҕомтотун «Ее Величество Женщина» уонна баҕа өттүнэн үлэлээччилэр бырайыактарын быыстапкалара, остуол оонньууларыгар маастар-кылаас ыллылар, «үрүҥ көмүс» волонтердары кытта оһуохай түһүлгэтэ төрүттэннэ.

Тэрээһинтэн киирбит үп, Саха сириттэн мобилизацияламмыт гражданнары өйөөн, «Кыайыы» пуондаҕа бэрилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...