13.04.2021 | 11:26

Дьокуускайга 58 лааҕыр үлэлиирэ былааннанар

Дьокуускайга 58 лааҕыр үлэлиирэ былааннанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эпидемиологическай быһыы-майгы этэҥҥэ буоллаҕына, быйыл сайын  Дьокуускай куоракка 58 сынньалаҥ уонна чэбдигирдии лааҕыра 6 826 оҕону хабан үлэлиэҕэ.
Бу туһунан куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова бэрэссэдээтэллээх анал хамыыһыйа бастакы мунньаҕар этилиннэ.  Сүрүн ирдэбил – сынньалаҥ тэрилтэтэ 75 % туолуохтаах. 
Үөрэх управлениета иһитиннэрбитинэн, оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигирдиитин тэрилтэлэрэ муниципальнай бырагырааманан уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэллэр. Быйылгы сылга чэбдигирдэр лааҕырдар материальнай-техническэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ 1 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, сырдатыыга 684 тыһыынча солкуобайтан тахса суума тыырыллыаҕа, видеокамералары туруорууга 875 тыһыынча солкуобайтан тахса үп туттуллуоҕа.  
Маны таһынан араас бырайыактары олоххо киллэриигэ муниципальнай бырагырааматтан үп көрүллүөҕэ. Үөрэх министиэристибэтигэр «Радуга», «Спутник» уонна «Каландаришвили» лааҕырдар материальнай-техническэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидияҕа сайаапка түһэрилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...