Дьокуускайга 22 эбийиэккэ асфальт кутуута түмүктэннэ
Киин куоракка “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн суол ситимигэр хапытаалынай өрөмүөн, өрөмүөн, тутуу уонна саҥардыы үлэтэ салҕанар. Ол курдук, балаҕан ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, 24 эбийиэккэ асфальт кутуута түмүктэннэ, 5 эбийиэккэ асфальт алларааҥҥы дьапталҕатын кутуу үлэтэ ыытыллар.
“Главстрой” тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, 20, 66 км усталаах суолга асфальт бары дьапталҕата кутуллан бүттэ.
Орджоникидзе, Курашов уулуссаларыгар, “Гимеин” эргииригэр суол олоҕо оҥоһулунна. Ол уопсай устата – 2, 05 км.
Свердлов уулуссатыгар уонна “Гимеин” эргииригэр (Сэргэлээх суола уонна Яков Потапов уул.быһа охсуһар сирдэригэр) 0, 86 км усталаах асфальт алларааҥҥы дьапталҕата уурулунна.
Бу нэдиэлэҕэ Воинскай, Поярков-Курашов, Поярков-Петр Алексеев уулуссалар быһа охсуһууларыгар, Петр Алексеев-Стадухин-Пирогов уулуссалар быһа охсуһууларын эргииригэр сырдатыы үлэтэ саҕаланыаҕа.