Дьокуускайга 20-чэ тыһыынча үлэ миэстэтэ тахсыаҕа
Киин куоракка 2032 сылга диэри экэниэмикэ креативнай, өҥөнү оҥорор уонна оҥорон таһаарар салааларыгар 20-чэ тыһыынча саҥа оробуочай үлэ миэстэтэ тахсара күүтүллэр. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын киин куорат 10 сыллааҕы сайдыытын туһунан Ыйааҕар этиллибит.
Ил Дархан этэринэн, итини сэргэ улахан болҕомто «IT-столица» бырайыак олоххо киириитигэр, цифровой индустрияны өйүүр инфраструктураны тэрийиигэ ууруллар. Итини таһынан, сырьета суох салааны түргэнник сайыннарарга киин куорат экэниэмикэтигэр 200 млрд. солкуобайтан аҕыйаҕа суох үбүлээһин ирдэнэр.
Туспа хайысханан ыалдьытымсах буолуу салаатын сайыннарыы буолар. Ол курдук, кэлэр сылтан гостиница комплексаларын, аан дойду таһымнаах туристическай эбийиэктэри тутуу саҕаланар. Итини сэргэ «Север – территория устойчивого развития» Научнай-үөрэтэр киини кытта бииргэ үлэлээһин олохтонуохтаах.
Дьокуускайдааҕы куорат Думатын уочараттаах сессиятыгар Айсен Николаев илии баттаабыт Ыйааҕар киин куорат 10 сыллаах сайдар кэскилэ түстэннэ. Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин олоҕун үрдүк хаачыстыбатынан атын дойдулар бастыҥ куораттарын кытта биир кэккэҕэ туруохтаах.