Дьокуускайга 18 уулусса аспаалланан бүттэ
«Главстрой» МХТ информациятынан, Федор Попов, Энергетиктэр, Авиатордар уулуссаларыгар уонна Кардиологическай диспансерга чугаһыыр суолга (Мерзлотнай уул.) өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэ. Ити эбийиэктэргэ аспаал уурулунна, тротуар, суолтан түһэр сирдэр, парковкалар, оптуобус хармааннара, сытыы сылдьар дьон сирин хааччахтааһына оҥоһулуннулар, суол бэлиэлэрэ уонна уулусса сырдатыыта туруорулуннулар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Билибин, Авиатордар, Труд, Каландаришвили, Три сосны, Тимирязев, Федор Попов, Мерзлотнай, Очиченко уулуссаларга уонна Энергетиктэр пер., Пригороднай сэлиэннэтигэр Центральнай, Табаҕаҕа Каландаришвили (2 учаастак), Хатаска Октябрьскай уонна Ленин, Киллэмҥэ Уваровскай, Мархаҕа Мархинскай уулуссаларга уонна Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга аспааллааһын үлэтэ түмүктэннэ.
Аспааллааһын Птицевод уонна Ильменскай уулуссаларга ыытыллар.
Маяковскай, Труд уонна Очиченко уулуссаларыгар суол үлэһиттэрэ тротуары, сүрүн суолтан түһэр сирдэри, парковкалары уонна оптуобус хармааннарын аспааллыыллар.
Тимирязев, Билибин, Мерзлотнай, Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уонна Марха дьоҕус оройуонун Мархинскай уулуссаларыгар тупсаран оҥоруу үлэтэ ыытыллар.
Манна даҕатан эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2022 сылга 34 км 615 м уһуннаах суол оҥоһуллуохтаах. Дьокуускай бырайыакка 2019 сыллаахтан кыттар. Биэс сыл иһигэр, 2024 сылга диэри, куорат агломерациятыгар суол 85 %-на оҥоһуллуохтаах.