ДЬОКУУСКАЙГА 104 БИЭРЭПИС ПУУНА ҮЛЭЛИЭҔЭ
Муус устар 1 күнүттэн Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис Дьокуускайга эмиэ саҕаланыаҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтин 35 бырыһыана Дьокуускайга олорор, манна улууска, дойду атын регионнарыгар пропискалаах эрээри, Саха сирин киин куоратыгар үлэлиир дьон киирбэттэр.
Биһиги хаһыаппытыгар анаан Саха (Якутия)стат Нэһилиэнньэ салаатыгар кэпсээбиттэринэн, биэрэпис көмөтүнэн Дьокуускай нэһилиэнньэтин ахсаана төһөҕө тиийбитэ чуолкай суоттаныаҕа. Куорат былаастара оҕо саадын, оскуолалары, балыыһалары уонна да атын социальнай эбийиэктэри былааннаан туталларыгар, куорат тырааныспарын схематын сайыннаралларыгар бу биэрэпис элбэҕи биэриэхтээх.
Буолаары турар биэрэпис аан маҥнайгытын цифровой форматка ыытыллар. Биир сонун сүүрээн – киһи бэйэтэ судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар биэрэпискэ кыттыан сөбө буолар (gosuslugi.ru). Он таһынан, урукку курдук улахан суумкаҕа элбэх кумааҕы сүгэһэрдээх буолбакка, электроннай планшеттаах үлэһиттэри көрсүөхпүт.
СҮРҮН ЫЙЫТЫЫЛАР ОННУЛАРЫНАН ХААЛЛЫЛАР
Биэрэпис сүрүн боппуруостара уларыйбатылар: эр киһи/дьахтар буоларыҥ, гражданство, төрөөбүт сириҥ, омугуҥ, үөрэҕиҥ, кэргэннээҕиҥ/кэргэнэ суоҕуҥ, оҕоҥ ахсаана, хантан дохуоттанан олороруҥ, үлэҥ. Ол эрэн сорох боппуруостары ордук чуолкайдык иһиллэр, олох ирдэбиллэригэр эппиэттиир гына сааһылаан биэрдилэр.
Өссө биир сонун сүүрээн – нуучча уонна атын омук тылын баһылыыргыт туһунан боппуруос киирдэ. Бу тыллары күннээҕи олохпутугар төһө туттарбытын ыйытыахтара. Манна бэриллибит хоруйдар үөрэхтээһин бырагырааматын таҥарга, национальнай оскуолалар төһө наадаларын быһаарарга, ханнык култуурунай саҕалааһыннары өйүүргэ көмө буолуохтаахтар.
Тугунан иитинэн олороргутун чопчулуурга саамай тарҕаммыт эппиэттэр ыйылыннылар: хамнас, предпринимательство, бэйэ дьарыга (самозанятость), биэнсийэ, босуобуйа, о.д.а.
Манна туһулаан эттэххэ, хамнас уонна дохуот кээмэйин туһунан ыйытыы биэрэпис лииһигэр суох. Тэрилтэҕит, үлэ биэрээччигит аатын ыйбаккыт. Статистикаҕа тугунан айаххытын иитинэн олороргут эрэ наада. Туох да туоһулуур докумуону көрдөрөргүт ирдэммэт.
Үөрэхтээһин туһунан сокуон уларыйбытынан сибээстээн, үөрэх таһымын туһунан ыйытыылар уларыйдылар. Манна «дошкольное образование» диэн графа киирдэ. Оттон орто үөрэҕи «квалифицированный рабочий, служащий» уонна «специалист среднего звена» диэннэргэ араардылар. Сокуоҥҥа олоҕуран үрдүк үөрэх таһымнара киирдилэр: «бакалавриат», «специалитет», «магистратура».
БИЭРЭПИС СУОЛТАТА УЛАХАН
Биэрэпис нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын, састаабын ааҕарга уонна дьон олорор усулуобуйатын билэргэ туһуланар. Түмүктэр таблицаларга киллэриллэн, дойду уонна регион таһымыгар нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын сыаналыырга туттуллуохтара. Олох уларыйыыта арылыччы көстөн кэлэр, саҥа сыыппаралар урукку дааннайдары кытта тэҥнэнэллэр. Эппиэттэр үлэ ырыынагын үөрэтэргэ көмө буолуохтара. Маны сэргэ, дьон үлэ көрдөөн ордук ханна көһөн барарын, ханна үлэ миэстэтэ тиийбэтин билиэххэ сөп.
Дьон сааһын туһунан дааннайдарга олоҕуран биэнсийэҕэ хас киһи, хаһан тахсара суоттаныаҕа. Ханна хас саастаах дьон олорорунан оҕо уһуйааннарын, оскуолалары тутуу былааннаныаҕа.
Биэрэпис түмүктэринэн дьон олоҕор экономическай кириисис, пандемия, о.д.а. дьайыыта үөрэтиллиэҕэ.
Дьон олорор усулуобуйатын чуолкайдыыр ыйытыылартан сиэттэрэн, инникитин тутуу былааннара, ипотека кирэдьиитин биэрии усулуобуйалара уларыйыахтара.
БИЭРЭПИСКЭ КЫТТЫЫ НЬЫМАЛАРА
Биэрэпискэ 3 ньыманан кыттыахха сөп:
“ГОСУСЛУГИ” НӨҤҮӨ
Бэйэҕит уонна дьиэ кэргэҥҥит чилиэннэрин “Госуслуги” портал нөҥүө киллэрэҕит. Маныаха порталга регистрациялаах эрэ буолуоххутун наада:
2021 с. муус устар 1-25 күннэригэр.
https://www.gosuslugi.ru сайтка авторизацияланаҕыт.
«Пройти перепись населения» өҥөнү талаҕыт.
Ыйытыыларга хоруйдуугут. Биир дьиэҕэ олорор дьоҥҥутун барыларын биэрэпискэ кытыннарыҥ. «Завершить» кнопканы баттааҥ.
Электроннай почтаҕытыгар уонна суотабай төлөпүөҥҥүтүгэр QR-код хаһаайыстыбаҕа (домохозяйство) уонна хас биирдии киһиэхэ цифровой код кэлэр. Биэрэписчик кэллэҕинэ ону көрдөрөҕүт.
БЭЙЭҔИТ ТИИЙЭҔИТ
Биэрэпискэ кыттарга тэриллибит учаастактарга эбэтэр МФЦ офистарыгар тиийиэххитин сөп.
БИЭРЭПИСЧИК ДЬИЭҔИТИГЭР КЭЛЭР
Бэйэтэ тиийэн биэрэпистэммэтэх уонна интэриниэтинэн кыттыбатах дьоҥҥо дьиэлэригэр биэрэписчик тиийэр.
Дойду үрдүнэн пандемия бүрүүкээн турар кэмигэр хааччахтааһын ирдэбиллэрин тутуһуу, харыстаныы ньымаларын туттуу ирдэнэр. Онон “Госуслуги” портал нөҥүө биэрэпискэ кыттыбыт быдан табыгастаах буолан тахсар.
САХА СИРЭ БЭЛЭМ
Саха сиригэр биэрэпискэ бэлэмнэнии бүтэһик түһүмэҕэр киирдибит. Өрөспүүбүлүкэбит сирэ-уота барыта учаастактарга араарылынна, биэрэпискэ хас киһи үлэлиэхтээҕэ, пууннар быһаарылыннылар.
Дьокуускайга 104 биэрэпис пууна арыллыаҕа, хас биирдиилэригэр 6-лыы ааҕар уонна 1 стационарнай салаалар киирдилэр. Хас биирдии учаастакка биэрэпис специалистара – хонтуруоллааччылар, биэрэписчиктэр сыһыарыллаллар. Кинилэр биэрэпис саҕаланыан инниттэн сир-уот каартатын, аадырыстары чуолкайдыыллар, биэрэписчиктэри үөрэтэллэр, биэрэпис кэмигэр матырыйааллары хомуйаллар, түмүктэрин туттараллар.
Биэрэпис пууннара 2 ый кэриҥэ үлэлиэхтэрэ: 2 нэдиэлэ биэрэпис саҕаланыан инниттэн, муус устар 1-30 күннэригэр, онтон 2 нэдиэлэ биэрэпис бүппүтүн кэннэ.
БИЭРЭПИСКЭ ҮЛЭЛИЭН БАҔАЛААХТАРЫ ЫҤЫРАЛЛАР
Дьокуускайга уопсайа 850 киһи биэрэпискэ үлэлииргэ сүүмэрдэниэхтээх: 104 хонтуруоллааччы уонна 745 биэрэписчик.
Саха(Якутия)стат биэрэпискэ үлэлииргэ дьону үлэҕэ ылар (Биэрэпис учаастагар хонтуруоллааччы, ааҕар уонна стационарнай учаастактар биэрэписчиктэрин).
Биэрэписчигинэн сокуоннай сааһын сиппит, анал үөрэтиини ааспыт Арассыыйа гражданина үлэлиэн сөп. Үксүн устудьуоннар үлэлииллэр – биэрэпискэ үлэлээбиттэрин кинилэр кэлин резюмеларыгар киллэрэн, дьону кытта алтыһар кыахтаахтарын, гражданскай көхтөөхтөрүн көрдөрөр кыахтаналлар.
Бу дойду историятыгар кыттыгастааххытын туоһулуур уопут буолар. Маны таһынан, биэрэписчик үлэтэ хамнастанар.
Арассыыйа баай историятыгар араас үйэлэргэ ыытыллыбыт биэрэпистэргэ чахчы улуу дьон кыттыыны ылаллара. Холобур, улуу суруйааччылар Л.Н.Толстой уонна А.П.Чехов биэрэписчиктээбиттэрэ. Бастакы биэрэпистэри учуонай-энциклопедист Михаил Ломоносов, айанньыт уонна учуонай Петр Семенов-Тянь-Шанскай көҕүлээбиттэрэ.
Биэрэпискэ үлэлиэн баҕалаахтар sakha@gks.ru электроннай почтаҕа суруйуоххутун эбэтэр 8(4112)42-45-17, 8(4112)34-16-23 эрийэн билсиэххитин сөп. Электроннай почтаҕа суруйаргытыгар хайаан да эһигини кытта сибээстэһэр төлөпүөннэри ыйаҕыт.
***
Биэрэпис статистика түмүктэрин таһаарыы эрэ буолбатах, экономика уона социальнай политика инникитин торумнуур тоҕоостоох ньыма буоларын өйдүөҕүҥ. Бу ааҕыылар биһиги эрэ олохпутугар буолбакка, кэнэҕэски кэлэр ыччат саргытын салайарга тирэх буолуохтара.