Дьокуускайга 1-8 кылаастар үөрэхтэрэ тохтоото
Оҕолор ортолоругар грипп уонна ОРВИ ыарыынан сутуллуу элбээбитинэн сибээстээн, киин куорат үөрэҕириитин тэрилтэлэрин 1-8 кылаастарыгар сэтинньи 30 күнүттэн ахсынньы 6 күнүгэр диэри үөрэх, куруһуоктар, секциялар, эбии дьарыктар уонна да атын тэрээһиннэр тохтотулуннулар. Үөрэх уонна иитии үлэтэ дистанционнай көрүҥҥэ көстө. Ол туһунан куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова санитарнай-противоэпидемическэй хамыыһыйа мунньаҕар иһитиннэрбит.
Хааччахтааһын кэмигэр үөрэх тэрилтэлэригэр дезинфекциялыыр сириэстибэлэри туттан генеральнай убуоркалар тэриллиэхтэрэ. Оҕолору кытта элбэх киһи мустар сиригэр, киинэ театрдарыгар, спорт саалаларыгар, атыы уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр сылдьыбаттарын курдук төрөппүттэри кытта сэрэтэр бэсиэдэлэр салҕаналлар.
Итини сэргэ хааччахтааһын миэрэлэрин кэмигэр Дьокуускай территориятыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна куорат таһымнаах бары спортивнай, культурнай-маассабай тэрээһиннэр тохтотулуннулар.