«Дьокуускайдааҕы полумарафон 2021» санитарнай ирдэбиллэри тутуһан ыытыллыаҕа
Балаҕан 12 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа «FitnessLife Дьокуускайдааҕы полумарафон RESTART 2021» ыытыллар. Күрэхтэһии көрөөччүтэ суох буолуоҕа. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта 07.30 чааска буолар. Полумарафон 21,1 км, 10,5 км уонна 5 км дистанцияҕа сүүрүүтэ 08.00 чааска саҕаланыаҕа.
СӨ Роспотребнадзор Управлениетын иһитиннэриитинэн, полумарафоҥҥа вакцинация толору кууруһун ааспыт, эбэтэр коронавируһу бэрэбиэркэлиир ПЦР анаалыһын туттарбыттара үс күн буола илик спортсменнар кытталлар.
Чемпионат территориятыгар уопсастыбаннай аһыыр сири тэрийээһин көҥүллэммэт. Респираторнай ыарыынан ыалдьыбыт дьону булар курдук киириигэ температураны кээмэйдээһин ыытыллыа, илиини суунар антисептичекай сириэстибэлэр баар буолуохтара.
Полумарафон бары кыттыылаахтара санитарнай ирдэбил быһыытынан мааска, бэрчээкки кэтиэхтээхтэр, социальнай дистанцияны тутуһуохтаахтар.
СӨ Роспотребнадзор Управлениета үөһээ ирдэбиллэри толорбот буолуу федеральнай судаарыстыбаннай санитарнай-эпидемиологическэй хонтуруолу оҥорор уорган (дуоһунастаах сирэй) ирдэбилин толорбот буолууга тэҥнэһэр уонна административнай эппиэтинэһи сүктэрэр диэн санатар.