Дьокуускайдааҕы Ис дьыала салаата сэрэтэр
Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ төлөппүөнүнэн дьону албыннаан харчы ыыттаралларын туһунан элбэхтик сырдатыллар даҕаны, киин куоракка албыннаппыт киһи ахсаана аҕыйаабат эбит.
Бу күннэргэ мобильнай аферистар 81 саастаах Дьокуускай олохтооҕун албыннаабыттар. Пенсионерка этэринэн, киниэхэ эр киһи собуоннаан «МТС» үлэһитэбин диэбит. Кини пенсионеркаҕа «МТС» счетуттан харчытын уоралларын эппит, ону төнүннэрэргэ баан каартатын реквизитын уонна үс бэлиэлээх CVV-куодун этэригэр көрдөспүт. Саастаах киһи итэҕэйэн барытын толорбут. Эр киһи сотору харчы киирбитин туһунан смс-биллэрии кэлиэҕэ диэбит.
Сарсыныгар баантан собуоннаан пенсионерканы офиска ыҥырбыттар уонна кини счетуттан 689 000 солк. сүппүтүн эппиттэр.
Ытыктабыллаах гражданнар! Кимиэхэ даҕаны каартаҕыт нүөмэрин, CVV-куодун, смс-биллэрии нөҥүө кэлбит куоду, ааккытын уонна каартаҕыт болдьоҕун эппэт буолуҥ.
Ханнык эбит тэрилтэ үлэһитэбин диэн билбэт киһигит собуоннаатаҕына араспаанньатын уонна дуоһунаһын ыйытар буолуҥ. Онтон ити этиллибит тэрилтэҕэ собуоннаан итинник киһи үлэлиирин-суоҕун, туохха наадыйан собуоннаабыттарын чуолкайдаһыҥ.
Саастаах төрөппүттэргитин, аймахтаргытын, билэр дьоҥҥутун албыҥҥа киирэн биэрбэттэрин курдук сэрэтиҥ.