25.06.2021 | 13:00

Дьокуускай Уопсастыбаннай палаатата киин куорат аатын уларытыыны өйөөбөтө

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыт Дьокуускай Уопсастыбаннай палаататын мунньаҕар норуот депутата Павел Ксенофонтов киин куорат аатын Туймаада диэн уларытарга этиитин ырытта. 
Аһаҕас кэпсэтии быһыытынан Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ араас санааларын үллэһиннилэр. Мунньах түмүгүнэн Павел Ксенофонтов куорат аатын уларытар туһунан көҕүлээһинэ өйөбүлү ылбатах. Ол туһунан куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


«Биһиги бэйэбит тус санаабытыгар уонна уопуппутугар эрэ буолбакка, эксперт-историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр аптарытыаттаах этиилэригэр өйөнөбүт, кинилэр куорат аатын уларытары утараллар. Биһиги өйдөбүлбүтүнэн Дьокуускай диэн – куорат төрүттэниэҕиттэн, 390 кэриҥэ сыл анараа өттүгэр иҥэриллибит историческай аата буолар. Аата уларыйарыгар административнай-быраап өттүттэн мэһэйдэри уонна үп-харчы өттүттэн сүҥкэн улахан ороскуоту этэ да барбаппын», - диэтэ Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Андрей Высоких. 
«Итини сэргэ „Туймаада“ брендин туризм уонна култуура сайдыыларын эйгэтигэр, бизнескэ уонна логистикаҕа, духуобунай-култуурунай сомоҕолоһууга Табаҕаттан саҕалаан Кангалаас тумулугар диэри туттуохха сөп», - диэн түмүктээтэ Андрей Высоких.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...