Дьокуускай – “Тотальнай диктант” киинэ
Бэҕэһээ «Эрмитаж» Судаарыстыбаннай музей сүрүн штабыгар Санкт-Петербург “Тотальнай диктант” эстафетатын Дьокуускай куоракка туттарар үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.
Муус устар 10 күнүгэр буолар аахсыйаҕа 60 дойду кыттар баҕатын биллэрбитэ. Онон аан дойду үрдүнэн 2000 балаһаакка үлэлиэҕэ.
“Дьокуускай 2013 сыллаахха аан бастакытын “Тотальнай диктаҥҥа” кыттыбыта. Онно баара-суоҕа 2 балаһаакка үлэлээбитэ, 750 киһи диктаны суруйбута. Ааспыт аҕыс сыл устата 8 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо кытынна”, – диэн кэпсээтэ “Тотальнай диктант” Дьокуускайдааҕы штабын бэрэстэбиитэлэ Саргылана Неустроева.
Бу күннэргэ Таба суруйуу бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Дьокуускайга ааттаах-суоллаах учуонайдар, экспертэр, биллэр-көстөр уопсастыбаннай деятеллэр кэлиэхтэрэ. Дьон-сэргэ кутун-сүрүн туппут суруйааччы Андрей Геласимов ааҕааччылардыын көрсүөҕэ, саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Таба суруйуу киинэ арыллыаҕа. Бэстибээл бырагырааматыгар лекциялар, маастар-кылаастар киирдилэр.
Сыл аайы ыытыллар аахсыйаҕа сааһыттан, социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох, ким баҕалаах кыттар. Быйылгы диктант тиэкиһин ааптара – Дмитрий Глуховскай. Үгэс быһыытынан суруйааччы айымньытын бэйэтэ ааҕыаҕа.