06.05.2024 | 13:42

Дьокуускай «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйаҕа холбосто

Дьокуускай «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйаҕа холбосто
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 5 күнүттэн Дьокуускай куорат Бүтүн Арассыыйатааҕы «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйаҕа кыттыста. 
Бастакынан М.П. Обутова–Эверстова аатынан Култуура киинин кэлэктиибэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Роман Тихонович Николаевы эҕэрдэлээтэ. Эҕэрдэҕэ Ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев уонна Марха управатын салайааччыта Николай Ксенофонтов кыттыстылар.
Роман Тихонович Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Дьокусукай куораттан 1944 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр ыҥырыллан, 94-с стрелковай дивизия 36-с аармыйатын састаабыгар Япония милитаристарын утары кыргыһыыларга кыттар. Сержант Роман Николаев отделение хамандыырыгар тиийэ үүнэн, Сталин махтал суругунан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитин II-с истиэпэннээх уордьанынан уонна элбэх үбүлүөйдээх бэлиэнэн наҕараадалар, аата Өлөөн улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллэр. 
«Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ уонна «Кыайыы 75 сыла» үбүлүөйдээх мэтээл хаһаайына Роман Тихонович кэргэнэ Евдокия Прокопьевнаны кытта 65 сыл бииргэ олорон, түөрт оҕо, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах ийэлэрэ-аҕалара, эбэлэрэ-эһэлэрэ. 
2010 сыллаахха Николаевтар «Саха сирин кыһыл көмүс ыаллара» кинигэҕэ киирбиттэрэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....