10.01.2023 | 12:00 | Просмотров: 747

Дьокуускай таһыгар мууһунан туоруур суол уйуга үрдэтилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин Тыраанаспарга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Өлүөнэ өрүһү туоруур суол «Хатас – Павловскай» хайысхатынан таһаҕаһы уйуута 30 туоннаҕа диэри улаатта.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Массыына суолларыгар управлениета» СХТ бирикээһинэн, тохсунньу 9 күнүттэн, 30 туоннаҕа диэри уйуктаах массыына сырыыта Өлүөнэ өрүһү туоруур суол «Умнас» 12-с км – Хатас – «Лена» массыына суолун 1154 км хайысханан көҥүллэннэ.

Мууска киирии куттала суох буолуутун хааччыйыы нуорматын тутуһар курдук, ыйааһыны хонтуруоллуур пууннар уонна видеонан кэтээн көрүү төгүрүк суукканан үлэлииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.