26.12.2020 | 13:52

Дьокуускай суоллара 2021-2022 сылларга

Дьокуускай суоллара 2021-2022 сылларга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 23-30 күннэригэр 2021-2022 сылларга киин куоракка “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыакка киирбит эбийиэктэри көрүөхтэрэ, ырытыһыахтара. Уопсастыбаннай дьүүллэһиилэр Zoom платформаҕа видеоконференция форматынан ыытыллыахтара.

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара, бырайыактыыр, бэдэрээтчит тэрилтэлэр, «Главстрой» бэрэстэбиитэллэрэ, ГИБДД үлэһиттэрэ, Дьокуускай куорат тутууга уонна тырааныспарга управлениета, уопсастыбаннас кыттыыны ылыахтара.

Күндү ааҕааччылар! Эһигини Zoom платформаҕа киирэн дьүүллэһиигэ кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Ахсынньы 23, 24 күннэрэ: https://us02web.zoom.us/j/85924842767?pwd=VnVPVUlXb0RmN3dFdlhNcWVjYVN6QT09

Конференция идентификатора: 859 2484 2767

Код: 910507

Ахсынньы 25, 28-30 күннэрэ: https://us02web.zoom.us/j/85688085870?pwd=OGl6ZG50YS8rNTc4U2IxUXlmNloyZz09

Конференция идентификатора: 856 8808 5870

Код: 987456

Национальнай бырайыакка киириэхтээх эбийиэктэр испииһэктэрэ оҥоһулларыгар суоллар техническэй туруктара, социальнай уонна экономикаҕа суолталара учуоттанар. Ону таһынан суол саахала үгүстүк тахсар сирдэрэ улахан болҕомтоҕо ылыллар.

Аны туран, сорох уулуссалар испииһэккэ олохтоохтор көрдөһүүлэринэн, туруорсууларынан киирэллэр. Урут да, билигин да нэһилиэнньэ санаата – инники күөҥҥэ. Манна куорат баһылыга Сардана Авксентьева үлэтигэр тутуһар сүрүн этиитин хатылыыр тоҕоостоох – “Барытын киһи быһаарар”. 

Бэҕэһээ Автодорожнай уонна Сайсары уокуруктарыгар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак 2021-2022 сылларга тосхолун дьүүллэһии буолан ааста. Киин куорат бу уокуруктарыгар суол үлэтэ күөстүү оргуйуоҕа.

Былааҥҥа Автодорожнай уонна Сайсары уокуруктарын бу эбийиэктэрэ киирдилэр:

- Иван Кульбертинов уул. өрөмүөнэ;

- Речевой оскуолаҕа киирэр суол өрөмүөнэ;

- Тимирязев уулуссатын өрөмүөнэ (Дежнев уулуссатыттан оптуобус тиһэх тохтобулугар диэри);

- Винокуров уулуссатын саҥалыы уларытан тутуу;

- Ильменскэй уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ (Чайковскай уулуссатыттан Билибин уулуссатыгар диэри учаастак);

- Маяковскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (Каландарашвили уулуссатыттан Широких-Полянскай уулуссатыгар диэри учаастак);

- Яков Потапов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (Кеша Алексеев уулуссатыттан Гимеин эргииригэр диэри учаастак);

- Билибин уулуссатын өрөмүөнэ (Ильменскэй уулуссаттан Сэргэлээх шоссетыгар диэри);

- Мерзлотнай уулусса өрөмүөнэ.

Атын уокуруктар ханнык эбийиэктэрэ былааҥҥа киирбиттэрин табылыыссаҕа көрүҥ.

Ленин проспегар үс сыллаах үлэ

Ленин проспегын киин куорат тэбэр сүрэҕэ, сирэйэ-хараҕа диэтэхпитинэ, сөбүлэһиэххит. Билигин «Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастакка Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ» эбийиэк бырайыагын, сметатын докумуонун ырытан оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Ол курдук, Дьокуускай сүрүн уулуссатыгар эһиилгиттэн үс сыллаах үлэ саҕаланара былааннанар. Туох ааттаах уһунай-киэҥэй диэн сорохтор соһуйаллар. Тоҕо диэтэххэ, манна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Аны туран, бу уулуссаҕа аата-ахсаана биллибэт элбэх инженернэй ситим баар. Ону барытын көһөрүөххэ диэтэххэ, үгүс үлэни, сыраны-сылбаны эрэйэр. Аҥаардас канализация ааһар коллекторын ылан көрүҥ. Бэлэмнэнии үлэтэ хайыы-үйэ саҕаламмыта.

Бырайыак икки түһүмэҕинэн олоххо киирэрэ былааннанар: бастакыта – ЛОРП дьиэтиттэн Кулаковскай уулуссатыгар диэри – 1800 миэтэрэ (2022 сылга үлэҕэ толору киирэр); иккиһэ – Кулаковскай уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри уонна ЛОРП дьиэтиттэн Хабаров уулуссатыгар диэри (2023 сыл бүтүүтэ бүтүөхтээх).

Ааспыкка проспект хапытаалынай өрөмүөнүгэр аналлаах уочараттаах мунньахха киин куорат сүрүн уулуссатын көстүүтүн буортулуур уот, сибээс ситимнэрин, о.д.а. кабеллары техническэй уларытыы туһунан дьүүллэспиттэрин туһунан хаһыаппытыгар суруйан турабыт. Сибээс оператордарын кабелларын сир аннынан ыытар, ситимнэри аттынааҕы уулуссаларга көһөрүү, ититии ситиминэн тардар, о.д.а. араас ньыма ырытыллыбыта. Үгүс кэпсэтии, ырытыһыы, дьүүллэһии түмүгэр сөптөөх быһаарыныы ылылларыгар эрэнэбит.

Манна даҕатан эттэххэ, тутуу, монтаж үлэлэрэ бастаан судаарыстыбаннай экспертизаны ааһаллар. Эһиил кулун тутар ыйтан үлэ бу көрүҥэ саҕаланыаҕа.

Саҥалыы уларытан тутуу түмүгэр 11 оптуобус тохтобула оҥоһуллара былааннанар. Бары дизайн-код ирдэбилигэр эппиэттиэхтээхтэр. Аны проспект икки өттүгэр бэлисипиэт суоллара баар буолуохтаахтар.

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы:

«Биһиги сорукпут – киин куорат сүрүн уулуссатын бүтүннүү уларытыы. Ленин проспега өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уулуссата буоларын ситиһиэхтээхпит». 

— Пааматынньыктар миэстэлэрин уларытыахтара дуо?

— Уларыйбат, оннуларынан хаалыахтара.

— Көҕөрдүү үлэтэ хайдах ыытыллыаҕай?

— Манна Ботаническай саад уонна Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет кыттыһыахтара.

Сүрүн күүс – олохтоохтор

Кэнники кэмҥэ киин куорат олохтоохторо суол үлэтигэр быһаччы кыттыыны ылаллар, итэҕэһи-быһаҕаһы кыраҕытык кэтииллэр. Дьокуускайбыт тупсарын туһугар ис сүрэхтэриттэн долгуйар киһи ахсаана аҕыйаҕа суох.

–Суоллар, бастатан туран, куорат олохтоохторугар оҥоһуллар. Ким баҕарар куорат салалтатыттан уонна бэдэрээтчиттэртэн бары ирдэбиллэри, технологиялары тутуһалларын,  хаачыстыбалаах суоллары эрэйэр бырааптаах. Нэһилиэнньэ кыттыыта – суол үлэтин хаачыстыбатын хонтуруоллуур бастыҥ инструмент, – диэн куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев суруналыыстары кытта онлайн көрсүһүүгэ эппитин хатылыыбын.

Ол курдук, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019-2024 сылларга, биэс сыл устата, киин куорат суолларын 85 бырыһыана тупсарыллыаҕа. Элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх бырайыак олоххо киирэригэр бары кыттыаҕыҥ.

Салайар уорган аата Күнэ-дьыла, саҕаланар чааһа Эбийиэктэр
1 Гагаринскай уокурук, Марха микрооройуона   Ахсынньы 24 күнэ, киэһэ 18 ч. 15 мүн. - Можайскай уулуссатын саҥаттан уларыта тутуу (Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри учаастак); - Жуковскай уул. өрөмүөнэ; - Авиатордар уул. өрөмүөнэ; Марха микрооройуонугар: - Советскай уул. өрөмүөнэ; - Олега Кошевой уул. өрөмүөнэ; - Мархинскай уул.өрөмүөнэ;
2 Строительнай уокурук Ахсынньы 25 күнэ, киэһэ 18ч.15 мүн. - Окружной шоссе хапытаалынай өрөмүөнэ (Жорницкай уулуссатыттан Бүлүү трагар диэри учаастак); - Пирогов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ  (Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкай уулуссатыгар диэри); - Хатыҥ-Үрэх шоссетын хапытаалынай өрөмүөнэ (Бүлүү трагыттан Курнатовскай уулуссатыгар диэри); - Халтурин уулуссатын өрөмүөнэ (Кальвица уулуссатыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри); - Пионерскай уул. хапытаалынай өрөмүөнэ; - Космонавтар уул. хапытаалынай өрөмүөнэ;
4 Промышленнай уокурук Ахсынньы 28 күнэ, киэһэ 18ч.15 мүн. - Бабушкин уул. хапытаалынай өрөмүөнэ (Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссатыгар диэри); - Очиченко уул. өрөмүөнэ (Бестужев-Марлинскай уулуссатыттан 1-кы колонияҕа диэри); - Федор Попов уулуссатын өрөмүөнэ (Богдан Чижик уулуссатыттан Энергетиктэр быстах туора уул. диэри); - Энергетиктэр быстах туора уулусса өрөмүөнэ (Федор Попов уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри);
5 Тулагы нэһилиэгэ, Кангалаас микрооройуона, Табаҕа, Хатас, Пригороднай бөһүөлэктэрэ   Ахсынньы 29 күнэ, киэһэ 18ч.15 мүн.   Элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирэр суоллары тутуу (Тулагы нэһилиэгэ); - Николаев уулуссатын өрөмүөнэ (Тулагы нэһилиэгэ); - Кангалаас микрооройуонугар Нагорнай уул. саҥалыы уларытан тутууу. - Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирии суоллары тутуу; - Каландаришвили уул. өрөмүөнэ (Табаҕа); - Элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирии суоллары тутуу; - Пригороднай бөһүөлэгэр Центральнай уулусса өрөмүөнэ.
6 Губинскай, Октябрьскай, Киин уокуруктар Ахсынньы 30 күнэ, киэһэ 18ч.15 мүн.   - Ефимов уулуссатын тутуу; - Каландаришвили уулуссатын өрөмүөнэ (Ленин проспегыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри); - Поярков уулуссатын өрөмүөнэ (Дзержинскэй уулуссатыттан  Октябрьскай уулуссаҕа диэри). - Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ (Хабаров уулуссатыттан  Краснояров уулуссатыгар диэри)

Дьокуускай «Моя дорога» куоластааһыҥҥа кыттар

Киин куораппыт суоллары бырайыактааһын саҥа систиэмэтигэр пилотнай территория буолуон сөп. Ол курдук, Арассыыйатааҕы суол научнай-чинчийэр института уонна  «Агентство стратегических инициатив по продвижению новых проектов» тэрилтэ куонкурус биллэрбитэ. Ол түмүгэр дойду биэс куората бырайыакка кыттар кыахтаныаҕа.

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри https://100gorodov.ru/improject-6942/ideas/7196 киирэн, Дьокуускай куоракка куоластыаххытын сөп. Бастаан регистрацияны ааһаҕыт, онтон «лайк» туруораҕыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...