Дьокуускай суол тутуутун бырагырааматын көмүскээтэ
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Москва куоракка «Росавтодор» Федеральнай суол агентствотын сүбэ мунньаҕар кыттан, «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2022-2024 сылларга ыытыллыахтаах үлэ бырагырааматын көмүскээтэ.
«Росавтодор» Федеральнай суол агентствотын салайааччыта Роман Новиков сүбэ мунньах бэрэссэдээтэлинэн буолла. Саха сирин делегациятын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайда. Ону таһынан Саха сирин тырааныспарын министиэристибэтин уонна өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ суол тэрилтэлэрин салайааччылара кытыннылар.
Санатар буоллахха, Дьокуускайга «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2021-2024 сылларга 156,9 км суол үлэҕэ киириэхтээх. 4 сыллаах бырагыраамаҕа 9,9 млрд солкуобай ирдэнэр.
Евгений Григорьев эппитинэн, куорат былааннара «Росавтодор» өттүттэн өйөбүлү ылбыттар, ол иһигэр эбии үбүлээһиҥҥэ эмиэ. 2022-2024 сылларга үлэни ыытарга сөбүлэһии бырайыага бэлэмнэнэ сылдьар.
«Росавтодор» салалтатыгар, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар суол өрөмүөнүгэр уонна тутуутугар үбүлээһини үрдэтэри өйөөбүттэрин иһин махтанабын. Национальнай бырайыак бары былааннара туолуохтара, суоппардар уонна сатыы дьон куорат суола тупсубутун көрүөхтэрэ диэн эрэнэбин», – диир куорат баһылыга.
Бэс ыйын 6 күнүттэн Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ делегациятын састаабыгар киирэн, Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр Татарскай АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэригэр кыттар. Маны сэргэ, баһылык Казань куорат уопсастыбаннай тырааныспарга, куорат хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сыһыаннаах бөдөҥ тэрилтэлэригэр сылдьан уопут атастаһыаҕа уонна муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин сөбүлэһиитигэр илии баттаһыаҕа.