22.08.2024 | 14:00

Дьокуускай соҕотох приюта хайдах үлэлии турарый?

Дьокуускай соҕотох приюта хайдах үлэлии турарый?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

«Помоги выжить» аһымал пуонда приюта 2020 сылтан Очиченко уул., 57 үлэлиир. Билигин үлэһиттэр 600-тэн тахса ыты көрөллөр-истэллэр. Манна быраҕыллыбыт (эбэтэр сүппүт), көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт араас дьылҕалаах кыыллары төһө кыалларынан харайаллар, бүөбэйдииллэр.

Уулуссаҕа төттөрү ыытарбыт тохтоон турар...

Очиченко, 57. Ыттар үрэн моргуйаллара ыраахтан иһиллэр. Приют аана аһаҕас, аттыгар хас да баайыылаах ыт сытар. Миигин үрэ тоһуйдулар. Хата, биир хара бэрчээккилээх дьахтар тахсан кэллэ уонна уоскуталааччы буолла. Тугу гына кэлбиппин истээт, дьиэҕэ киллэрдэ. Онно приют соҕотох бэтэринээрэ Руслан Иванову кытта көрсөн кэпсэттибит.

Кыыллары биһиги бэйэбит икки биригээдэбит, бэйдиэ ыттары тутууга үлэлиир сулууспа үс биригээдэтэ, ИП Огонеров икки биригээдэтэ тутан аҕалаллар. Ону таһынан дьон бэйэлэрэ эмиэ аҕалыахтарын сөп. Приюкка киирбит ыты, 498-с федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, регистрациялыыбыт уонна 10 күн хаһаайына кэлэрин күүтэбит. Хас биирдии киирбит ыты хаартыскаҕа түһэрэн телеграм бөлөхпүтүгэр таһаарабыт. Өскөтүн ыккыт сүппүт буоллаҕына, онно киирэн көрүөххүтүн сөп.

Хас биирдии ыкка анал каарта оҥоһуллар: ханнык аадырыстан тутуллан кэлбитэ, сааһа, тыһы/атыыр буолара. 10 күн иһигэр хаһаайын кэлбэтэҕинэ, кыыл иччитэ суоҕунан ааҕыллар. Онтон ыты стерилизациялыыбыт, өссө 10 күн кэнниттэн быһыы туруорабыт (вакцинация) уонна эмиэ 10 күн доруобуйатын туругун кэтээн көрөбүт. Ити процедура барыта 30 күн иһигэр оҥоһуллар, ол кэм ааспытын кэннэ ким баҕалаах кэлэн бу ыттары ылыан сөп.

Биһиги аһымал тэрилтэ буоларбыт быһыытынан, ыттары төһө кыалларынан өр тута сатыыбыт, билигин уулуссаҕа төттөрү ыытарбыт тохтоон турар. Тутуллубут ыты 30 күн ааспытын кэннэ эвтаназиялыыр туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону тутуһарбыт ирдэниллибэт. Бу сокуон толору судаарыстыбаннай кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууннарга дьайар.

Ыт хаһаайына билиннэҕинэ, хаартыскатын, докумуоннарын аҕалан көрдөрөллөр. Ону таһынан тутуу, көһөрүү, чип туруоруу, приюкка тутуу (суукканан ааҕыллар) ороскуотун сабаллар, ыстараап курдук төлүүллэр. Оттон приюттан ыт ылар буоллахтарына, саҥа хаһаайыны кытта дуогабар түһэрсэбит. Дьон үксүн ыт оҕолорун ыла сатыыллар, тоҕо диэтэххэ иитэргэ быдан чэпчэки. Өскөтүн приюттан ыт оҕотун ылбыт буоллахтарына, аҕыс ыйын туолбутун кэннэ манна кэлэн босхо быһыыны туруортарыахтарын уонна стерилизацияны оҥорторуохтарын сөп.

Ыттары Дьокуускайдааҕы бэтэринээринэй клиникаҕа илдьэн чип туруораллар, оттон вакцинацияны, стерилизацияны манна туспа эпэрээссийэлиир хоско оҥороллор. Ыт чип нүөмэринэн регистрацияламмытын кэннэ, “Все звери” диэн анал сыһыарыыга чиптээх ыт дааннайдара барыта тахсан кэлэр. Инникитин бу ыт эмиэ тутулуннаҕына, ол көмөтүнэн хаһаайына тута булуллар.

Вольердарга элбээбитэ биэс ыт олоруон сөп, хас биирдии вольерга уопсай уйалаах. Онно кэбиһиилээх оту уонна эргэ көбүөрү тэлгээбиттэр. Сорох “уустук” ыттар тус-туспа уйаларга, сыаптаах сыталлар. Саастарынан арааран, улахан ыттары, эрдэҕэс уонна ыт оҕолорун туспа туталлар. Билигин кыһын үлэлиир саҥа куукунаны тутаары сылдьаллар, ону таһынан эчэйбит ыттары тутар туспа вольер баар буолуоҕа.

— Манна барыта 20-тэн тахса киһи үлэлиир: кыыллары көрөр-истэр дьон, ыттары тутааччылар, суоппардар, бэтэринээр, администрация уонна харабыл. Бэйэм бэтэринээрбин, 2020 сылтан үлэлиибин. Бастаан кырыктаах эбэтэр эчэйбит ыттары эмтиир уустук этэ, билигин үөрэнэн, этэҥҥэ үлэлии сылдьабын. Ону таһынан телеграм бөлөхпүтүгэр биллэриилэри таһаарабын.

Ас өттүгэр өрүс сабылыннаҕына ыарахаттар баар буолааччылар. Аһыныгас санаалаах дьон эрбэммит эт көөбүлүн, салгылаабыт балыктарын аҕалааччылар. Туох кэлэринэн көмөнү ылабыт, ыт куруук аһыан наада буоллаҕа дии. Астан ураты кыһын чугаһаабытынан сибээстээн, кэбиһиилээх оту, атын туттар тэриллэри, ошейниктары, аһыыр миискэлэри ылабыт.

 

Хаһаайын көһүннэ!

Кэпсэтэ олордохпутуна дьиэҕэ быа тутуурдаах оҕонньор киирэн кэллэ. “Бэҕэһээ ытым куотан хаалбыта, манна кэлбэтэҕэ дуо?” — диэн ыйытта. Руслан тута ыт ханна сүппүтүн ыйыталаста, хаартыскатын көрдөөтө. Оҕонньор төлөпүөнүн ороон таһаарда уонна син өр соҕус буолан баран хара-маҥан түүлээх кырдьаҕас ыт хаартыскатын көрдөрдө. Руслан Телеграмы арыйа охсоот, аҕыйахта баттаан, оҕонньор көрдүүр ытын чуо булан ылла. Ыт хаһаайына үөрэ түстэ. Ирдэнэр докумуоннарын толоро олорон: “Хаайыыттан киһини таһааран эрэр курдукпун”, — диэн күлэн мүчүҥнээтэ. Итиэннэ тыыннаах сүтүгүн –  ытын дьиэтигэр илдьэ барда.

 

Волонтер ахсаана элбээбэт

Таһырдьа тахсан иһэн, хара эрэһиинэ бэрчээккилээх дьахтары эмиэ көрсө түстүм. Кини аата Лариса. Ыттары көрөргө-истэргэ көмөлөһөр, уонча сыл волонтердаабыт. Быйылгыттан приюкка толору күҥҥэ үлэлии киирбит. Ларисаны кытта ыттары көрө туран кэпсэттибит.

— Приюкка күн аайы өрөбүлэ суох үлэлиибит.  Нэһилиэнньэ билиэн наада: мантан буор босхо ыт ылыахха сөп. Сорохтор Очиченко уулуссатыгар приют баарын билбэттэр даҕаны. Дьиҥэр, бу – Дьокуускай суос-соҕотох приюта. Ыккытын сүтэрбит буоллаххытына, тута манна кэлэн көрдүөххүтүн эбэтэр телеграмҥа биллэриилэри көрүөххүтүн сөп. Уһаппакка-кэҥэппэккэ ыларгыт ордук, тоҕо диэтэххэ 10 күн кэннэ хаһаайына суох ыт аатыран, атын дьон ылан кэбиһиэхтэрин сөп. Телеграммытыгар сүппүт ыттар тустарынан биллэриилэри утары таһаара турабыт. Эбэтэр сүппүт ыты буллаххытына, биһиэхэ суруйуоххутун сөп.

Ыттары мээнэ бастарын батарбыт эрэ киһи диэн үлэлээбэппит. Эппиэтинэстээх эрэ дьоҥҥо биэрэбит. Бастаан дуогабар түһэрсэбит, хайаан да нүөмэрдэрин ылабыт. Кинилэри кытта икки сылы быһа сибээһи тутабыт: ыт бэйэтин уонна кини олорор усулуобуйатын хаартыскатын, видеотын көрдүүбүт, сороҕор тиийэн көрүөхпүтүн сөп.

Приют барыта биэс блоктаах, хас биирдии блокка араас ыттар бааллар: саҥа тутуллубут, стерилизацияламмыт уонна быһыыны ылбыттар, саҥа хаһаайыннары көрдүүр ыттар, эрдэҕэс ыттар, харантыын зоната. Туспа уйаларга улахан ыттар баайыллан олороллор. Киирээппитин кытта бары бииргэ үрэн моргуйдулар, онуоха Лариса кинилэри эмиэ уоскутар. Сорохтору ааттарынан билиһиннэрэр. Логин диэн улахан, саһархай лабрадор өрө ыстанан, болҕомтону тарда сатыыр.  Чугаһаатахха, эккэлиир. Кини курдук ыт манна элбэх, ол эрээри сорохтор уйаларыгар саһан хаалаллар, атыттар талбыт дьону эрэ чугаһаталлар. Салгыы вольердарга бэйэ-бэйэлэрин кытта тапсар ыттар олороллор. Чугаһаатахха, килиэккэҕэ сыстаҥнаан, сытырҕалыы, имэрийтэрэ сатыыллар.

— Хомойуох иһин, ыты иитэ ылыы олус аҕыйах. Күҥҥэ 5-6 ыты илдьэ бардахтарына, үөрүү-көтүү буолар. Мин санаабар, атыыласпакка, мантан ылар быдан ордук. Кыра да, улахан да, араас саастаах ыттар бааллар. Боруода ыттары атыылаһар наадата суох, биһиэхэ маламуттар, лабрадордар, овчаркалар, хаскилар кытта бааллар. Күһүн чугаһаата, ыт оҕолоро дьиэлэниэхтэрин наада, — диэт, Лариса ыт оҕолордоох намыһах истиэнэлээх вольерга аҕалла. “Далаһа” иһигэр кырачаан ыттар оонньуу, мэниктии сылдьаллар, илиигин биэрдэххэ, имэрийтэрэ сатыыллар.

— Сороҕор кырдьаҕас ыттары эмиэ ылаллар. Бэҕэһээ биир инбэлиит ыты Москваҕа ыыппытым. Бу 10 сыл иһигэр ыттары араас сиргэ – Санкт-Петербурга, Германияҕа, Данияҕа, Бельгияҕа тиийэ ыыппытым. Атын куорат дьоно: “Дьокуускайтан ураты кыраһыабай ыттары ханна да көрө иликпит”, — дииллэр. Оннук ээ, биһиги ыттарбыт көп түүлээхтэр.

Уопсай олбуорга тахсан, “Шаурма” диэн суруктаах эргэ киоска иһигэр баар куукунаҕа киирдибит. Үс билиитэ оһоххо ас арааһа буһа турар – гречка хааһы уонна эт, уҥуох тобохторуттан миин. Оһох аттыгар остуолга уонна чугуун ваннаҕа аһы бэлэмнииллэр.

— Хас биирдии блок куукуналаах, ас харайар хостоох. Ыттарбыт олус үчүгэйдик аһыыллар: анал аһылык, куруппа, эт, балык. Күннээҕи рационнарын уларыта сатыыбыт – ардыгар куурусса, сороҕор балык. Эт астыыр олохтоох тэрилтэлэр тобохторун куулунан аҕалан абырыыллар. Саҥа кэлбит ыттар үксүлэрэ дьүдэйэн хаалбыт буолаллар, кинилэри күҥҥэ иккитэ-үстэ аһатабыт. Билигин сайын буолан баайыылаах ыттар элбэҕи аһаабаттар.

Нэһилиэнньэ эмиэ ас биэрэн көмөлөһөр, килиэп, аһылык тобохторун хомуйаллар. Ону бэрчээкки кэтэн, илиибинэн хаһан, туох баарын көрөбүн: бөҕү-сыыһы, этэ суох уҥуохтары ылҕаан быраҕабын. Сорох кафелар аҕалбыт тобох астарыгар тиис хастар мас элбэх буоллар. Ону бакыаты бакыатынан быраҕарбар эрэ тиийэбин. Хас оннук маһы ылҕыыр уустук. Биир эмэ маһы ылбакка хааллахпына, ыт бэлэһигэр киирэн хаайтарыан сөп, оччоҕуна алдьархай тахсар. Дьоҥҥо этиэхпин баҕарабын: түүнүгүрбүт килиэби, этэ суох уҥуохтары, аһыйбыт аһы аҕалар наадата суох. Уонна тэрилтэлэр тоҕо биһигини кытта үлэлиэ суохтаахтарый? Холобура, болдьоҕо бүтэрэ чугаһаабыт аһы ыттарга тоҕо биэрбэттэрий? Сүрүнэ диэн сытыйбатах уонна буортуйбатах буолуохтаах.

Приюкка мэлдьи кэлэн көмөлөһөр волонтердар бэһиэлэр эрэ. Өрөбүл күннэргэ ас аҕалаллар, хомуйаллар, хаартыскаҕа түһэрэн интэриниэт ситимигэр тарҕаталлар. Куруук кэлэр волонтер ахсаана элбээбэт.

—Соторутааҕыта “Сделай добро” аахсыйа чэрчитинэн оскуола оҕолоро ыт оонньуурдарын, куруппалары, ыт анал аһылыгын атыылаһан аҕалбыттара. Мин санаабар, оҕолору кыра саастарыттан кыылларга үтүө сыһыаҥҥа үөрэтэр олус үчүгэй. Ким баҕалаах кэлэн көмөлөһүөн сөп, саатар биир-икки ыты уулуссаҕа таһааран күүлэйдэтэн, имэрийэн бардахтарына, ол да улахан күүс-көмө. Барахсаттар манна биир сиргэ сытан чуҥкуйаллар, туох баар тыыннаах харамай тапталга, болҕомтоҕо наадыйар буоллаҕа.

 

“Помоги выжить” приют телеграм бөлөҕө: t.me/helpmesurvivedog

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...