Дьокуускай сайыны «Ытык сиргэ» көрүстэ
Дьокуускайга Ньукуолун күнүнэн алгысчыт Афанасий Федоров саҥа тутуллуохтаах «Ытык сир» паарка “Күнү көрсүү” култуурунай тэрээһиннэри ыытар, сиэри-туому толорор миэстэтигэр сайыҥҥа үктэнии сиэрин-туомун толордо.
Санатар буоллахха, быйылгы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Дьокуускай куоракка 2025 сылга тупсарыллар эбийиэгинэн 22 711 куолаһы хомуйбут "Ытык сир" паарка тахсыбыта.
«Ытык сир» паарка киин куорат Гагарин уокуругун Новопортовской дьоҕус оройуонугар тутуллара былааннанар. Бырайыак концепциятыгар күнү көрсүү сиэрэ-туома – Ыһыах сүрүн туомун быһыытынан киириэҕэ. Үрдэтиллибит сир илин диэки туһаайыылаах Аал Луук Маска майгынныахтаах. Комплекс ортотугар түһүлгэ, онно алгысчыт фигурата битииһиттэрин кытта (9 уол, 8 кыыс) баар буолаллар. Алгыс саха омугар үрдүк суолтатын, олоҕу салайар сиэр-туом буоларын көрдөрүөхтээх.
Бу комплекс алгыһы түһэрэргэ аналлаах сир буолара былааннанар. Араас харысхал бэлиэлэрин суолталарын куар-кодтар көмөлөрүнэн истиэххэ сөп буолуо. Маны тэҥэ, сахалыы тылынан ким баҕалаах алгыһы иҥэринэн ааһар кыахтаныаҕа.
Пааматыньыктар ансаамыбылларыгар маҥан, бороҥ уонна күөх өҥ туттуллуоҕа – биһиги этническэй өҥнөрбүт.
Паарка хотугу өттүгэр Дьоруойдар Аллеяларыгар 25 тимир билиитэ ууруллуоҕа. Киирии аартыкка икки паарканы – Кыайыы пааркатын уонна Ытык сири ситимнир күргэ тутуллуоҕа. Кытылга култуурунай тэрээһииннэри ыытар сыана туруоҕа.
Спортивнай балаһаакка икки гына арахсар: көхтөөх сынньанааччыларга уонна бытаан хамсаныыларга ананыахтара, теннистиир корт, тренажердардаах зона, воркаут-балаһаакка, теннис остуола, футболлуур хонуу баар буолуоҕа. Маны таһынан тупсаҕай көстүүлээх оҕо балаһаакката, сынньанар сирдэр бырайыакка киирэн сылдьаллар.