Дьокуускай салалтата дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүр
Киин куорат салалтата пандемия кэмигэр предпринимателлэри өйүүр.
“Олохтоох дьаһалта 476р №-дээх дьаһалыгар уларыйыы киирдэ. Бу иннинэ атыы-эргиэн эбийиэктэригэр турар иһин төлөбүртэн икки ый босхолуур туһунан этиллибит буоллаҕына, ол болдьоҕо алта ыйга диэри уһаата, ол эбэтэр кулун тутартан атырдьах ыйыгар диэн буолла”, – диэн иһитиннэрдэ Предпринимательство, потребительскай ырыынак уонна туризмы сайыннарыы департаменын начаалынньыга Ирина Седова.
Сайыҥҥы кафе бас билээччилэрэ от ыйа-балаҕан ыйа болдьоххо аренда төлөбүрүттэн босхолоноллор. 838 тыһыынча солкуобай суумаҕа уопсайа 10 сайабылыанньа киирдэ.
“Сайыҥҥы верандалар үлэлэрэ көҥүллэммитин кэннэ, кинилэри төлөбүртэн босхолуур туһунан дьаһалы бэлэмнээбиппит. Бу этиини предпринимательство Координационнай сэбиэтэ киллэрбитин баһылык өйөөбүтэ”, – диэн Предпринимательство департаменыгар бэлиэтээн аастылар.
Куорат салалтата дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүрүн туһунан якутск.рф сайтка сиһилии ааҕыҥ.