12.08.2022 | 18:00

Дьокуускай оскуолаларыгар эбии 15 кылаас аһылынна

2022-2023 үөрэх дьылыгар куорат уокуругун 50 муниципальнай оскуолаларыгар 4831 миэстэлээх 168 кылаас, ол иһигэр 121 кылаас нууччалыы уонна 48 сахалыы тыллаах арыллара былааннаммыта.
Дьокуускай оскуолаларыгар эбии 15 кылаас аһылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрэҕирии управлениетыгар муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри ыытыллыбыт сайабылыанньалары хомуйуу бастакы түһүмэҕин кэнниттэн куорат 19 оскуолаларыгар кылаастары элбэтэр быһаарыы ылылынна. Билиҥҥи туругунан 15 кылаас эбиллэн 5505 миэстэлээх 183 кылаас аһылынна.

Балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри оскуолаҕа сыһыарыллыбыт территорияҕа олорбот оҕолортон сайаапкалары хомуйуу иккис түһүмэҕэ ыытыллар.

Барыллаан дааннайдарынан, быйыл оскуола боруогун 6 000 кэриҥэ оҕо атыллыаҕа, уһуйааннарга 5400-тэн тахса кырачаан барыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...