12.09.2022 | 12:00

«Дьокуускай олохтоохторун хараҕынан» куонкурус уонна «Вкусноград-2022» бэстибээл түмүктэрэ таҕыстылар

Куорат күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар Дьокуускай 390 сылынан «Үбүлүөйдээх Дьокуускай!» девиһинэн быыстапкалар, бэстибээллэр уонна кэнсиэртэр буоллулар.
«Дьокуускай олохтоохторун хараҕынан» куонкурус уонна «Вкусноград-2022» бэстибээл түмүктэрэ таҕыстылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бырааһынньыктааҕы бырагыраама чэрчитинэн Кыайыы болуоссатыгар «Дьокуускай олохтоохторун хараҕынан» хаартыска куонкуруһун уонна «Вкусноград-2022» бэстибээл түмүктэрэ таҕыстылар. Кыайыылаахтары куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.

«Дьокуускай олохтоохторун хараҕынан» хаартыска куонкуруһа уонна «Вкусноград-2022» бэстибээл Куорат күнүн үтүө үгэһинэн буолла. Хас биирдии кыттааччыны көхтөрүн уонна куораппытыгар тапталларын иһин махтанабын», - диэтэ Евгений Григорьев.

«Дьокуускай олохтоохторун хараҕынан» хаартыска куонкуруһун «Якутск трудовой» номинациятыгар Валерия Николаева кыайыылааҕынан таҕыста.  «Лучшее архитектурное фото» номинацияҕа – Сергей Барахов, «Люди нашего города» –  Татьяна Антонова, «Лучшая репортажная фотография» – Туйаара  Потапова, «Взгляд в прошлое» – Иннокентий  Попов кыайдылар. Кыайыылаахтарга бытовой тиэхиньикэ атыылаһарга 20 000 солкуобай суумалаах сертификаттары туттардылар.

«Вкусноград-2022» бэстибээл «Высокое профессиональное мастерство» номинациятыгар кыайыылааҕынан «Атласовтар уһаайбалара» этнокомплекс таҕыста, «Самое оригинальное блюдо, изделие» номинацияҕа – Мария Фёдоровна Яковлева, «Блюдо или изделие, посвященное 390-летию города» – «Сладкие мечты» ХЭТ бастаатылар. Кыайыылаахтарга дипломнары уонна сертификаттары туттардылар.

Куорат күнүгэр сылын аайы саҥа ыал буолбуттары уонна үбүлүөйдээхтэри эҕэрдэлииллэр. Кинилэргэ куорат баһылыга өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Итиэннэ Евгений Григорьев 55 сыл бииргэ олорбут Илья Гаврилович уонна Анна Федоровна Федоровтар дьиэ кэргэттэрин эҕэрдэлээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....