Дьокуускай нэһилиэнньэтэ 8000 киһинэн элбээтэ
Кэлэр сыл бүддьүөтүн дьүүллэһии буолан ааста
Дьокуускайга 2021 сыллааҕы бүддьүөт бырайыагын уонна 2022-2023 сыллааҕы бүддьүөт былаанын дьүүллэһии буолан ааста.
Сэтинньи 20 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын 2019 с. ахсынньы 25 күнүнээҕи «О бюджете городского округа «город Якутск» на 2020 год и на плановый период 2021 и 2022 годов и вопрос о бюджете городского округа «город Якутск» на 2021 год и плановый период 2022-2023 годов» быһаарыытыгар уларытыылары киллэрии тула хорутуулаах кэпсэтии буолан ааста. Дьүүллэһии туһунан иһитиннэриилэр уонна бүддьүөт бырайыага Дьокуускай куорат официальнай сайтыгар толору тахсар.
ДЬОКУУСКАЙ НЭҺИЛИЭННЬЭТЭ ЭБИЛИННЭ
Куорат социальнай-экономическай сайдыытын сабаҕалыыр дакылааты Экономика департаменын начаалынньыга Татьяна Корякина оҥордо. Пандемия содула Дьокуускай олоҕун бары эйгэтигэр биллибитэ этилиннэ. 2020 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, киин куорат олохтооҕун ахсаана 342 тыһ. киһи буолбут, бу былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 8000-нан элбэх. Тохсунньуттан от ыйыгар диэри көһөн киирии элбээбит, ол иһигэр миграннар ахсааннара эмиэ хаҥаабыт.
“Дьокуускай нэһилиэнньэтэ элбии турара инфраструктураҕа уонна социальнай тэрилтэлэргэ улахан ноҕорууска буолар. Социальнай тэрилтэлэр үгүстэрэ бырайыактаммыт кыахтара билиҥҥи ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт. Маны тэҥэ коммунальнай бөх-сыыс эбиллэр”, - диэтэ Татьяна Корякина.
Пандемиянан бүрүүкээбит кириисис төрүөххэ охсубута көһүннэ – ааһан эрэр сыл бастакы аҥаарыгар 2919 оҕо төрөөбүт, бу былырыыҥҥытааҕар 186 оҕонон аҕыйах. Дьон эбиллиитэ 249-нан аҕыйаабыт. Сокуонунан кэргэннии буолуу ахсаана 375-нэн кыччаабыт. 145-нэн арахсыы аҕыйаабыт.
2020 сыл 9 ыйын устата, үлэтэ суох дьон ахсаана 12716 киһи буолбут, бу былырыыҥҥытааҕар 12 төгүл элбэх. 2024 сылга диэри нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыы уонна социальнай өйөбүл бырагыраамата үлэлиэҕэ, маныаха быйылгы сылга 5 мөл. солк. көрүллүбүтэ.
Ааһан эрэр сыл 9 ыйын устата тэрилтэ ахсаана 1055-нэн аҕыйаабыт (12142 тэрилтэ баар), атыы-эргиэн эргитэр үбэ 6 млрд. солкуобайынан кыччаабыт. Уопсастыбаннай аһылык эйгэтигэр үбү эргитиитэ 2,8 млрд. солк. аҕыйаабыт. Бэйэ оҥорон таһаарыы табаарын тиэйии 2,7 млрд. солк. аҕыйаабыт, маны тэҥэ дьону уонна таһаҕаһы таһыы биллэ кыччаабыт.
ЭҺИИЛ 7 НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАК ОЛОХХО КИИРЭР
Экономика департаменын начаалынньыга бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай Арассыыйа федерациятын национальнай бырайыактарыгар кыттара улахан суолталаах. 2021 ссылга Дьокуускай 7 национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлиэҕэ, үбүлээһин уопсай суумата 2 млрд. 741 мөл. солк.
Үп департаменын салайааччыта Ольга Максимова 2021 сыл бүддьүөт дохуота 8,020 млрд.солк. (быйылгытааҕар 143 мөл. аҕыйах) былааннанар. Ороскуота – 8,421 сөл. солк. Ол аата дефицит – 401 мөл. солк. Маны таһынан Ольга Максимова нолуок уонна бүддьүөт политикатын сүрүн хайысхаларын, дефицит хантан ылыллыан сөбүн, дохуоту киллэрии о.д.а. туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Иһитиннэриилэр кэннэ Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара ыйытыылары биэрдилэр, “Үөрэхтээһини сайыннарыы”, “Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. Чөл куорат”, “Дьокуускай агропояһын сайыннарыы”, бэйдиэ сылгылары тутуу, садоводтары өйөөһүн, “Үөрэх тэрилтэлэригэр куттал суох буолуута”, сэллик ыарыыны утары охсуһуу о.д.а. барыгарыымалары эбии үбүлүүргэ этии киллэрдилэр.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай бүддьүөтүн дьүүллэһии бастакы ааҕыыга эрэ буолла, сарсын салҕыы Куорат Дууматын президиумугар көрүллэр.