16.08.2021 | 12:52

Дьокуускай – Нам кыраныыссатыгар баһаары умуруоруу салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ уонна атырдьах ыйын 16 күнэ үүнэр түүнүгэр Дьокуускай куорат уокуругун кыраныыссатыгар, баһаары умуруорар территорияҕа ардаабатах. Ол туһунан Дьокуускайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын кылаабынай лесничэйэ Юрий Кузьмин иһитиннэрдэ. 
Бу иннинэ Уокуруктааҕы дьаһалта, муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин уонна Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторун баһаары кытта охсуһар этэрээттэрэ бульдозеры уонна погрузчигы туһанан Чакыйа үрэххэ тиийбиттэрэ. 
«Ити биһиэхэ баһаары кыраныысса арҕаа өттүттэн тохтоторго көмөлөһөр. Итини тэҥэ илиҥҥи хайысханан 22 км минерализованнай  балаһаны оҥоро атын бульдозер баран иһэр, миэстэтигэр тиийэрэ 10 км хаалла. Оччоҕо куорат уокуругар баһаар бохсулунна диэн этэр кыахтаныахпыт», – диэн этэр Юрий Кузьмин.
Санатар буоллахха, ойуур баһаара куорат уокуругун кыраныыссатыгар, Маҥан сэлиэнньэтиттэн 57 км сиргэ турбута. Баһаары салҕыы ыыппат сыалтан Уокуруктааҕы дьаһалта, муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ уонна Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторо этэрээт тэрийэн баһаары кытта охсуспуттара. Итиннэ 3 бульдозер, 2 уу таһар массыына, 3 «Беларусь» тыраахтар уонна фронтальнай погрузчик үлэлээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...