Дьокуускай маастар-былаанын Илиҥҥи экономическай форумҥа билиһиннэриэхтэрэ
Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратын маастар-былаанын оҥорорго Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска бэлэмнэнии саҕаланна. Итиннэ анаммыт пресс-конференцияҕа Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай маастар-былаанын аныгыскы Илиҥҥи экономическай форумҥа билиһиннэриэхтэрэ. Куонкуруһу өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта Дьокуускай территориятын сайынннарыыга сөбүлэҥ чэрчитинэн Үүнэр көлүөнэ Целевой пуондата уонна «ДОМ.РФ» сайдыы интситута үбүлүөхтээхтэр.
Балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт бүтэһик Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи куораттары саҥардар бырагырамааны саҕалыыр туһунан эппитэ уонна болҕомто киинигэр киһи буолуохтаах, олорорго, сайдарга, саҥа көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэргэ бары усулуобуйа баар буолуохтаах диэн бэлиэтээбитэ. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ити соруктар киин куорат маастар-былаанын оҥорор куонкуруска акылаатынан буолаллар диэн бэлиэтиир.
«Бэрэсидьиэн көҕүлээһинин куорат историятын саҥа сирэйин арыйар кыах курдук ылынабыт. Дьокуускай — дойду биир тэтимнээхтик улаатар куораттарыттан биирдэстэрэ. Кини, үгүс куораттар курдук, уонунан сылларга уһун болдьохтоох былаана суох сайдыбыт, куораттар иннилэригэр сайдыы араас таһымнарыгар турар ирдэбиллэри учуоттаабакка. Билигин куорат сайдыытыгар ордук көхтөөхтүк кытталларын курдук нэһилиэнньэ иннигэр өссө киэҥ далааһыннаах соругу туруоруохпутун наада, уларыйыылар тэтимнээхтик баралларын, ордук хаачыстыбалаах буолалларын курдук», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Санатар буоллахха, быйыл бала5ан ыйыгар Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Докумуоҥҥа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ киин куората ирбэт тоҥҥо киһи олороругар аан дойду бастыҥ куората буолуохтаах.
«Куорат маастар-былаана Ыйаахха этиллибит тэрээһиннэр олоххо киирэллэригэр баһылыыр бырайыагынан буолуоҕа. Дириҥ чинчийии, стратегическай хайысхалаах докумуоннары анаалыстааһын, куорат территориятын былааннааһын ыытыллыаҕа. Чинчийии түмүгүгэн маастар-былааны оҥорор куонкурус кыттааччыларыгар сорудах бэриллиэҕэ. Бэлэм маастар-былааны Уһук Илин олохтоохторун уонна биллэн турар, аныгыскы Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду бэрэсидьиэнин дьүүлүгэр таһаарыахпыт. Үчүгэй маастар-былаан оҥоһулларын курдук куорат уопсастыбаннаһын уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун сыһыарыахпыт», — диэн түмүктээтэ Айсен Николаев.
Үөһэ этиллибитин курдук, куонкуруһу өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта Дьокуускай территориятын сайынннарыыга сөбүлэҥ чэрчитинэн Үүнэр көлүөнэ Целевой пуондата уонна «ДОМ.РФ» сайдыы интситута үбүлүөхтээхтэр. «ДОМ.РФ» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Антон Финогенов бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай маастар-былаана чугаһынааҕы 5-6 сыл иһигэр олоххо киириэхтээх ураты докумуон буолар.
«ДОМ.РФ пуондаҕа олоххо киириэхтээх бырайыактары өйүүрэ ураты суолталаах. Дьокуускай — Уһук Илин федеральнай уокуругар эрэ буолбакка, Арассыыйа үрдүнэн саамай түргэнник сайдар куорат. Өрөспүүбүлүкэни кытта сөбүлэҥ чэрчитинэн, маастар-былаан оҥоһуутун уонна өрөспүүбүлүкэ территориятыгар ыытыллар тутуу бырайыактарын олоххо киллэрэр салгыы хардыыларга үлэлэһэбит», — диэтэ кини.
Куонкурус чэрчитинэн, стратегическай сессиялар, кыттааччыларга уонна финалистарга вебинардар ыытыллыахтара. Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун маастар-былаан оҥоһуутун дьүүллэһиитигэр көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыраллар диэн бэлиэтэнэр. Куонкурус кыайыылаахтара эһиил ыам ыйыгар биллиэхтэрэ.