Дьокуускай – “Үлэ Албан аатын куората”
Бэнидиэнньиккэ буолан ааспыт планеркаҕа баһылык бүгүҥҥү күннээҕи сытыы кыһалҕалартан ураты суолга болҕомтотун уурда: Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, Дьокуускай “Үлэ Албан аатын куората” үрдүк ааты ылыан сөп буолла.
“Миэхэ Дьокуускай “Үлэ Албан аатын куората” ытык ааты ылыыга үлэлэһэр көхтөөх дьон тахса сырыттылар. Бу ытык аат Арассыыйа бэрэсидьиэнин укааһынан эрэ иҥэриллэр. Билигин Оборона министиэристибэтин архыыбыгар сэрии саҕана “Алсиб” 1-кы перегоннуур дивизия Кыһыл знамя уордьанынан наҕараадаламмытын туһунан докумуоннар көһүннүлэр. Ол аата Дьокуускай бу ытык ааты ылар юридическэй тирэхтэннэ”, - диэн Сардаана Владимировна иһитиннэрдэ.
Дьокуускай бу ааты ыларын туһугар киин куорат олохтоохторуттан илии баттааһыннарын хомуйуу анал сайтка тэриллиэҕэ. Маныаха билиҥҥи коронавирус тарҕаныытын иэдээнэ улаханнык мэһэйдиэ суохтаах.
“Биһиги билиҥҥи күчүмэҕэй кэмнэргэ, үйэлэргэ хаалар өйдөбүлү, биир дойдулаахтарбыт үлэнэн ситиспит хорсун быһыыларын үйэтитэр ытык иэстээхпит. Аҕа дойду сэриитин саҕана ленд-лиз суолунан авиация тиэхиньикэтин доруобуйаларын, олохторун кэрээбэккэ уоттаах сэрии фронугар тиэрдибит, аармыйаны аһынан-үөлүнэн, обмундированиенан хааччыйбыт, көннөрү дьон харчынан уурунууларын тиэйбит аҕаларбыт уонна эһээлэрбит хорсун-хоодуот быһыыларын үйэтитэр кыах үөскээтэ, - диэн баһылык тоһоҕолоон эттэ.
Сардаана Авксентьева нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннарын хомуйар сайты үлэлэтэргэ сорудахтаата. Бу күннэргэ баһылык, куорат олохтоохторугар туһаайан, барыахтаах үлэ суолтатын туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр былааннаах.