30.09.2023 | 12:00

Дьокуускай кыстыкка бэлэм дуо?

Бүгүҥҥү күҥҥэ куоракка туох үлэ ыытылла турарый? Ол туһунан сиһилии кэпсээри, куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаҕа сибээскэ тахса сырыттыбыт.
Дьокуускай кыстыкка бэлэм дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

– Билиҥҥи туругунан «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэрэ 100% ититии ситимигэр холбоннулар. Ону сэргэ социальнай эбийиэктэргэ ититии ситимин ыраастыыр үлэлэр толорулуннулар.

Дьокуускай куоракка 2 902 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ баар, олортон 1 102 дьиэ паспортизацияны ааһар. Оттук сезонугар бэлэмнэнии пааспардара 100 % бэрилиннэ.

Маны тэҥэ 393 социальнай хабааннаах тэрилтэ, ол иһигэр оҕо уһуйааннара, оскуолалар, эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрэ, Физическэй култуура уонна спорт управлениета, Үөрэҕирии уонна наука, Үлэ уонна социальнай сайдыы, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэлэрэ хабылыннылар.

Дьокуускай куорат территориятыгар 76 хочуолунай үлэлиир. Сылааһынан хааччыйыы эбийиэктэрэ 100% үлэҕэ киирдилэр. Оттук сезонугар бэлэмнэнии пааспардара  туһааннаах тэрилтэлэргэ барыларыгар бэрилиннэ.

Оттук сезонугар бэлэмнэнии СӨ Ростехнадзорун управлениетынан бигэргэтиллиэхтээх. Бу түһүмэххэ докумуоннары бэлэмнээһининэн дьарыктанабыт, хамыыһыйа бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн куораты оттук сезонугар бэлэмниир пааспарын биэрии туһунан быһаарыы ылыллыаҕа», – диэн кэпсээтэ “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МХТ кылаабынай инженерэ Владимир Жуковскай.

Муниципальнай таһымҥа салайар хампаанньалары хонтуруоллуохтара

Дьокуускай куорат муниципальнай таһымҥа тиийэ  салайар хампаанньалар үлэлэрин-хамнастарын хонтуруоллуур боломуочуйалары биэриини ситиһиэҕэ. Бу туһунан Дьокуускай куорат ОДьКХ уонна энергетикаҕа департаменын салайааччыта Максим Шомоев иһитиннэрдэ.

«Билиҥҥи туругунан салайар хампаанньалары кытта хардарыта бииргэ үлэлээһин, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын кэтээн көрүү – субъект боломуочуйата. Биһиги бу боломуочуйа Дьокуускай куорат уокуругун таһымыгар тахсыан баҕарабыт. Ил Түмэҥҥэ, куорат уокуругар боломуочуйалары биэриигэ сокуон бырайыагын көҕүлээн киллэрдибит. Кэккэ дьоҕус бэлиэтээһиннэр ылылыннылар, билигин ону көннөрөбүт, Ил Түмэн саҥа састаабыгар бу сокуон барылын хаттаан киллэриэхпит. Эһиилгиттэн бу боломуочуйалар уокурук дьаһалтатыгар көһүөхтэрэ диэн эрэнэбин», – диэтэ Максим Шомоев.

Кытаанах хомунаалынай бөҕү хомуйар анал сулууспа

Залог оройуонугар хас оптуорунньук ахсын сарсыарда 08:00-12:00 чааска диэри  кытаанах хомунаалынай бөҕү таһар анал тырааныспар үлэлиир. Бу оройуоҥҥа олорор, чуолаан Гастелло уулуссатын олохтоохторун бөххүтүн ыспаккытыгар көрдөһөллөр.

Чернышевскай уул. аспааллааһын

Чернышевскай уулуссатыттан Автодорожнай уулуссаҕа  диэри суол кэрчигин аспааллааһын эһиил бэс ыйа бүтүөр диэри ыытыллыаҕа. Бүгүҥҥү күн туругунан куорат канализационнай коллекторыгар сүрүн үлэлэр түмүктэммиттэр. Кэлэр сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри бэдэрээтчит «Водоканал» тэрилтэ сир учаастагар буор кутар уонна тупсарыы үлэлэрин ыытыаҕа.

10 саҥа хомунаалынай тиэхиньикэ

Быйыл Дьокуускай куорат тутаах тэрилтэлэригэр өссө 10-ча саҥа хомунаалынай тиэхиньикэ атыылаһыллыаҕа. Ол курдук 9  ассенизаторскай массыына «Жилкомсервис» МУТ бэриллиэҕэ. Маны таһынан, «Якутдорстрой» тэрилтэҕэ анаан ханааллары сууйарыгар массыына атыылаһыахтара.

Социальнай гаастааһын

Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин учаастактарыгар уонна дьиэлэригэр-уоттарыгар буор босхо гаас киллэрэр кыахтаахтар.

Социальнай гаастааһын федеральнай бырагырааматынан ханнык баҕарар чааһынай сектор бас билэр хаһаайына (чааһынай дьиэлээх) бэйэтин учаастагар диэри  гаас ситимин босхо тардарга сайаапка биэриэн сөп. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата нэһилиэнньэ чэпчэтии көрүллэр араҥатыгар дьиэлэригэр гаас ситимин  киллэрэргэ көмөлөһөр.

Онно хапсар олохтоохтор  150 тыһ. солк. диэри чэпчэтии ылар кыахтаналлар уонна сир учаастагын бас билээччи гаас оборудованиетын ыларыгар уонна үлэ ыытыллар бырассыаһыгар чэпчэтиилэри ылар.

Компенсация туһуланар: Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыыга оһол ылбыт (инбэлииттэр)  дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр,  «Ленинград блокадата” анал бэлиэ хаһаайыннарыгар, кыаммат гражданнарга, элбэх оҕолоох ыалларга, соҕотох олорор биэнсийэлээхтэргэ (тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүл уонна 2 төгүл намыһах дохуоттаахтар). Быйылгы сылтан компенсацияҕа Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтара, ону тэҥэ кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ эмиэ хабыллаллар.

Дьокуускай куорат ОДьКХ уонна энергетикаҕа департаменын иһитиннэриитинэн, олорор дьиэни гаастааһыҥҥа ороскуоту толуйууга 100 000 солк. диэри төлөнөр. Саҥа холбонууга уонна дьиэни гааска холботууга 2022 с. тохсунньу 1 күнүттэн 150 000 солк. диэри ороскуот төлөнөр кыахтаах.

 

Материальнай көмөнү ким ылыан сөбүй?

• Кыра дохуоттаах ыал уонна соҕотох олорор дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуота алын кээмэйэ 1,5 төгүлтэн намыһах (дьиэ кэргэн биир чилиэнигэр  алын кээмэй 31 908 солк.);

• Үлэлээбэт-биэнсийэлээхтэр ыйдааҕы дохуоттарын алын кээмэйэ 2 төгүл кыра буоллаҕына  (биир үлэлээбэт биэнсийэлээххэ алын кээмэй 42 544 солк.);

• Олохтоохтор, орто дохуоттан тутулуга суох;

• 1941 - 1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара;

• 1941 - 1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна инбэлииттэрин огдооболоро;

• «Ленинград блокадата” анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьон;

• Тыыл бэтэрээннэрэ;

• Элбэх оҕолоох ыал;

• Бойобуой кыргыһыылар кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ:

1. Арассыыйа федерациятын национальнай гвардиятын сэриитигэр сулууспалаабыт уонна анал ааты ылбыт байыаннайдар (полиция үлэһиттэрэ). Олунньу 24 күнүгэр 2022 сылтан Донецкай народнай Өрөспүүбүлүкэ уонна Украина территорияларыгар анал байыаннай операцияҕа кыттыбыт дьоннор;

2. Российскай Федерация Сэбилэниилээх күүстэрин састаабыгар олунньу 24 күнүттэн 2022 сылтан үлэлиир анал байыаннай соруктары толорооччулар (доброволецтар);

3. Балаҕан ыйын 21 күнүгэр 2022 сылга ыытыллыбыт быстах байыаннай хомуур (мобилизация) кыттыылаахтара.

Дьиэ кэргэн чилиэннэригэр сыһыаннаах дьон буолаллар:

• Сокуоннай кэргэттэрэ;

• Төрөппүттэрэ.

Наадалаах докумуоннар испииһэктэрэ:

• Сайабылыанньа уонна паспорын куоппуйата;

• Үлэ киниискэтэ;

• Дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин бүтэһик үс ыйдааҕы дохуоттара;

• Олорор дьиэ бас билии быраабын туоһулуур докумуон;

• Гражданин олорор дьиэтин-уотун уонна олоҕун-дьаһаҕын усулуобуйатын чинчийии аактата;

• Олорор дьиэни гаастааһыҥҥа бырайыактыыр-сметнэй документация;

• Олорор дьиэни гаас ситимигэр холбооһун техническэй усулуобуйата.

 

Наадалаах докумуоннары кытта сайабылыанньаны олорор сиргитинэн көрөн уокуруктарга туттараҕыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...