Дьокуускай кыайыылаахтары уруйдуур
От ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай администрациятыгар куорат хамаандатын Горнай улууска ыытыллыбыт XXI-с «Манчаары оонньууларын» саха спордун көрүҥнэригэр кыайыылаахтарын уонна призердарын чиэстээтилэр.
Кинилэргэ сертификаттары, махтал суруктары куорат баһылыга Евгений Григорьев, киин куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов уонна мэр солбуйааччыта – уокуруктааҕы администрация салайааччыта Руслан Тимофеев туттардылар.
Дьокуускай физическэй культураҕа уонна спортка Управлениетын начальнига Константин Бурцев киирии тылыгар XXI-с «Манчаары оонньууларыгар» куорат спортивнай оскуолаларын иитиллээччилэрэ дьоһун түмүктэри ситиспиттэрин бэлиэтээтэ.
«Өскөтүн урут сахалыы көрүҥнэргэ үксүгэр улуустартан сылдьар спортсменнар бастакы сылдьар буоллахтарына, билигин куорат чиэһин киин куорат спортоскуолаларыттан тахсыбыттар көмүскээтилэр. Ордук үчүгэй көрдөрүүлэри мас тардыһыытыгар көрдөрдүлэр. Биһиги хамаандабыт хаһан да «Манчаары оонньууларыгар» 1 миэстэни ыла илигэ. Итини таһынан, Хатас, 1 №-дээх оҕо спортивнай оскуолара элбэх мэтээли ылбыттара үөрдэр. Ордук биһиги оҕолорбут хапсаҕайга ситиһиилэрин бэлиэтиэххэ наада, бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр», - диэтэ кини.
Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бары олохтоохтор уонна тус бэйэтин аатыттан киин куорат чиэһин дьоһуннук көмүскээбиттэргэ махтанна.
«Сүдү махталбын төрөппүттэргэ, дьиэ кэргэннэригэр, чугас дьонноругар тиэрдэбин. Эһиги үрдүк көрдөрүүлэргитинэн спорду албан аатырдаҕыт, ыраас, чөл олоҕу тарҕатаҕыт, инники көлүөнэҕэ холобур буолаҕыт. Туспа тутан кэрэ кыргыттарбыт уолаттартан хаалсыбакка өбүгэ оонньууларын уустуктарын туораабыттарын бэлиэтиибин», - диэтэ Дьокуускай Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов истиҥ эҕэрдэтигэр.
Тренерскэй састаапка, тэрийээччилэргэ Дьокуускай баһылыгын солбуйааччы, аппарат салайааччыта Руслан Тимофеев махтанна.
Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай сүүмэрдэммит хамаандата Бэрдьигэстээххэ ыытыллыбыт ХХI-с «Манчаары оонньууларын» түмүктэринэн II-с миэстэни ылла.
Куорат спортсменнара Спартакиадаҕа 10 көрүҥҥэ кытыннылар: чэпчэки атлетикаҕа, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, национальнай многоборьеҕа, хотугу многоборьеҕа, сахалыы остуол оонньууларыгар, оҕунан уонна пневматическай бинтиэпкэнэн ытыыга, сахалыы ойууларга, уонна гиирэ спордугар.
16 спортсмен кыһыл көмүһү - Диана Адасько (чэпчэки атлетика - 100 м сүүрүү, кылыы уонна ыстаҥа, ону таһынан троеборье), Егор Гуляев (мас тардыһыы), Сергей Константинов (мас тардыһыы), Айтал Кириллин (эдэрдэргэ мас тардыһыы), Иван Степанов (уолаттарга мас тардыһыы), Михаил Петров, Виктор Новгородов (сахалыы остуол оонньуулара), Александр Иванов (хотугу многоборье, сүгэ быраҕыыта), Диана Тартакынова (национальнай многоборье, сүүрүү), Айсен Елисеев (национальнай многоборье), Василий Уйгуров, Алексей Некрасов (хапсаҕай), Елена Иванова (гиирэ спорда), Николай Копырин (чэпчэки атлетика (уолаттарга 10 000 м сүүрүү), Анастасия Храмова (чэпчэки атлетика (кыргыттарга 100 м сүүрүү), Елена Мутовина (чэпчэки атлетика (кыргыттарга 5 000 м сүүрүү).
11 спортсмен үрүҥ көмүс мэтээли аҕаллылар, олор ортолоругар Артур Говоров хапсаҕайга, Мария Яковлева, Илья Егоров – гиирэҕэ, Дарья Добрынина сахалыы ыстаҥаҕа, Дарья Адасько -- куобах, Денис Слепцов, Артем Ветров мас-тардыһыытыгар, Александр Протопопов уолаттарга мас тардыһыытыгар, Уолан Оконешников сахалыы остуол оонньууларыгар, Айыына Егорова сахалыы оҕунан ытыыга, Диана Тартакынова саха многоборьетыгар (мас тардыһыыта).
8 спортсмен боруонса мэтээллээхтэр - Никита Хабаров, Семей Ючюгяев хапсагайга, Алексей Носов чэпчэки атлетикаҕа (100 м сүүрүүгэ), Дарья Добрынина сахалыы –ыстаҥа, Александр Нечаев чэпчэки атлетика (100 м сүүрүү), Павел Черноградскай, Айлан Николаев мас тардыһыы уонна Павел Друзьянов национальнай многоборьеҕа.