Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара бүддьүөт бэлэмнэниитин дьүүллэһэллэр
Ол курдук, ахсынньы 8 күнүгэр Дуума социальнай политикаҕа, куорат кытыы территорияларын уонна агропромышленнай комплексын сайыннарыыга сис хамыыһыйатын мунньаҕа буолла.
Мунньахха дьокутааттар «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун 2023 сылга уонна былааннаммыт 2024-2025 сылларга (иккис ааҕыы) бүддьүөтүн туһунан Олохтоох дьаһалта Үпкэ департаменын начаалынньыга Ольга Максимова информациятын иһиттилэр.
Итини таһынан, дьокутааттар 2023 сыллааҕы Дуума үлэтин дьүүллэстилэр, Правововой управление начаалынньыга Алексей Доценко итиннэ сыһыаннаах иһитиннэриини оҥордо.
Ахсынньы 9 күнүгэр киин куорат 2023 сылга уонна былааннаммыт 2024-2025 сылларга бүддьүөтүн бэлэмнээһини ырытар олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуоннаска уонна регламеҥҥа сис хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна.
Итини таһынан, дьокутааттар «Дьокуускай куораттааҕы Хонтуруоллуур-суоттуур палаата штатын ахсаанын туһунан» быһаарыыга уларытыылары киллэриини, Дьокуускай куораттааҕы Дуума биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарыгар дьокутааттары талыы схематын бигэргэтиини, өйдөбүнньүк дуосканы туруорууну, муниципальнай сулууспалаахха кылаастаах чиины иҥэриини, «Ийэ албан аата» бочуоттаах бэлиэнэн уонна «Финансовай-экономическэй эйгэҕэ үтүөлэрин иһин» бэлиэнэн наҕараадалааһыны дьүүллэстилэр.
Ахсынньы 12 күнүгэр баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар сис хамыыһыйа мунньаҕар дьокутааттар куорат 2023 сылга уонна былааннаммыт 2024-2025 сылларга бүддьүөтүн бэлэмнээһини дьүүллэстилэр, итиэннэ куорат уокуругун муниципальнай баайын-дуолун приватизациялааһыны сабаҕалыыр былааны бигэргэтии туһунан Олохтоох дьаһалта Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департаменын начаалынньыга Алексей Бурнашев информациятын иһиттилэр.