25.11.2021 | 15:44

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара 2022-2024 сыллардааҕы бүддьүөт бырайыагын ылыннылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 24 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Дуума уочараттаах 34 сессиятыгар бастакы ааҕыы чэрчитинэн ««Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук 2022 сылга уонна былааннааммыт болдьоххо 2023 уонна 2024 сылларга бүддьүөтүн туһунан» Дуума быһаарыытын бырайыагын дьүүллэстилэр. Бу туһунан олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Бүддьүөт бырайыагын олохтоох дьаһалта үпкэ Департаменын начаалынньыга Ольга Максимова билиһиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, үс сыллаах саҥа бүддьүөт сүрүн сыала уларыйбат – РФ Бэрэсидьиэнэ уонна СӨ Ил Дархана чоптчулаабыт национальнай уонна стратегическай соруктара олоххо киириилэрин хааччыйыы, гражданнар иннилэригэр ылыммыт социальнай  эбэһээтилистибэлэри толоруу. 
2022  сыллааҕы бүддьүөт сүрүн кээмэйдэрэ: дохуокка – 9 097 мөл. солк., ороскуокка – 9 369 мөл. солк. Бүддьүөт дефицита олохтоох бүддьүөт бэйэтин дохуотун кээмэйиттэн – 3% буолара былааннанар, ол эбэтэр  272 мөл. солк.
«Былааннаммыт болдьоххо бүддьүөт дефицита суох оҥоһулунна, онон сибээстээн, 2023 сылга дохуот уонна ороскуот 9 859 мөл. солк. былааннанар, оттон 2024 сылга – 10 751 мөл. солк. Төлөбүрэ суох төрүттэртэн киирии өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтэ ылыллыбытын кэннэ, иккис ааҕыыга көрүллүөҕэ» – диэн иһитиннэрдэ  Ольга Максимова.
Бүддьүөт бырайыагар 17 муниципальнай бырагыраама, 5 стратегическай сыалга уонна бырагырааманы таһынан туһуламмыт 5 биэдэмистибэ тус сыаллаах бырагыраамата киирбиттэр. 
2022  сылга бырагыраамаларынан ороскуот уопсай кээмэйэ 7 804 мөл. солк., 2023 сылга – 7 928 мөл. солк., 2024 сылга – 8 022 мөл. солк.
Үөрэҕирии сайдыытыгар 2022 сылга 3 698 мөл. солк. ууруллубут, ити быйылгы сыллааҕар 35 мөл. солк. элбэх. Итини таһынан, ити салааҕа үөрэҕирии тэрилтэлэрин тутуутунан уонна эбийиэктэри ылааһынынан сибээстээн ороскуот элбиирэ учуоттанна. 
«Култуура» салааҕа 2022 сылга 784 мөл. солк. көрүллүбүт, ити 2021 сылга бигэргэтиллибит былаантан 96 мөл. солк. элбэх. 
 «Социальнай политика» салааҕа 2022 сылга 207 мөл. солк. көрүллүбүт, ити 2021 сылга бигэргэтиллибит былаантан 84 мөл. солк. элбэх.  
Үгэс быһыытынан, сириэстибэ балачча улахан кээмэйэ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тыын суолталаах соруктарын быыһаарыыга көрүллүбүт. Ол курдук, 2022 сылга – 995 мөл. солк., ити 2021 сылга бигэргэтиллибит былаантан 91 мөл. солк. элбэх. Манна 119 устуука аналлаах тиэхиньикэни атыылаһыыга ороскуот учуоттаммыт.  Лизинговай төлөбүрдэргэ 2022 сыллааҕа ороскуот кээмэйэ 139 мөл. солк. тэҥнэһэр, 2023-2024 сылларга – 189 мөл. солк. 
Дьүүллэһии уонна ыйытыктарга хоруйдааһын кэнниттэн дьокутааттар куорат уокуругун 2022 сылга уонна былааннааммыт болдьоххо 2023 уонна 2024 сылларга бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыммыттар. 
Итини сэргэ сессияҕа дьокутааттар сири туһаныы, тутуу, тупсарыы быраабылаларыгар, куорат территориятыгар реклама оҥоһуктарын туруорууга  уларытыылары киллэриини көрбүттэр уонна өйөөбүттэр. Итини таһынан, куорат уокуругун муниципальнай баайын-дуолун приватизациятын Бырагырааматын уонна да атын нормативнай-быраап аакталарын бигэргэппиттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...