Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр
Сайдар - үүнэр аартыктары арыйар, сайдам - сайаҕас үүнэр көлүөнэлээх, холобур буолар хоһуун дьоннордоох Хатас нэһилиэгэ Дьокуускай куорат биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ, тигинэччи үлэлии-хамсыы, кэҥии-тэнийэ олорор нэһилиэгэ буоларбытын кэрэһилиир тэрээһиннэри ыыттыбыт. Ол курдук ''Норуодунай бүддьүөт'' диэн бырайыак чэрчитинэн куорат салалтатын үп-харчы өттүнэн көмөтүнэн икки улахан бырайыак олоххо киирдэ. Биирэ олохтоох бибилитиэкэбит дьоҕус эрээри киэҥ далааһыннаах үлэлээх, үлэлиир дьоҕурдаах уонна баҕалаах кэлэктиибэ доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах, кинилэр баар кыахтарын туһанан, эбэн, чиҥэтэн эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыыларыгар аналлаах тэриллэри ыллылар.
Тускул КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэртэн биирдэстэрэ оччоттон баччаҕа диэри баар дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, норуодунай тыйаатыр өрөсүссүөрэ, киинэ, тыйаатыр артыыската, элбэх оҕолоох ийэ Семёнова Евдокия Ефимовна, бу түмсүү биир тутаах киһитэ Тускул КК уус-уран салайааччыта, киинэ, тыйаатыр артыыската, ''Арчылаана'' дьахталлар вокальнай ансаамбылларын салайааччыта Константинова Вилена Михайловна уонна Руфова Наталья Ивановна уонна бырыйыак аныгы информационнай былаһааккаларын туһанарга сүрүн күүспүт Чепалов Валентин Азотович буолан ''Күөх сирэм'' искибиэргэ саха норуотун төрүт култууратын үтүө үгэстэрин, иитэр-үөрэтэр эйгэтин туһанан нэһилиэкпит олохтоохторугар дьоһун бэлэҕи утары ууннулар. Онон сүүрбэччэ сыллааҕыта нэһилиэк саамай киинигэр бадараан-идэрээн, бензин, сэлээркэ тохтубут киэҥ нэлэмэн сири оччотооҕуларга нэһилиэкпит салайааччыта Петр Анатольевич Баишев олохтоохтор баҕа санааларын, инициативаларын өйөөн куорат депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлин, быыбарынан талбыт депутаппыт – Щербаков Александр Николаевич тус бэйэтин уонна салайар мунньаҕын күүстээх өйөөһүнүнэн чэлгийэ көҕөрөр күөх нуолур солкоҕо сууланар тутуллубут искибиэрбит, ''Күөх сирэммит'' саҥа саҕахтары арыйда, сонун хайысхаҕа киирдэ!
Аны бу күнтэн ыла ''Күөх сирэммит'' сүрүн хайысхата этно диэн статуһу ылла уонна ''Олоҥхо – олохпут ситимэ'' диэн Тускул КК биир сүрүн бырагырааматын биир үтүө, үрдүк түһүмэҕэ буолан атын таһымҥа таҕыста. Мантан ыла ''Күөх сирэмҥэ'' кэлбит хас биирдии киһи тоҕус айыылар алгыстарын ылан, санаатын сааһылаан, өй-санаа өттүнэн бөҕөргөөн барарыгар анал усулуобуйа оҥоһулунна. Алгыстар тоҕус айыы ыскамыайкаларыгар куйаар нөҥүө информационный былаһааккаҕа киирэр табличкаларга киллэрилиннэ. Алгыстар сахалыы уонна нууччалыы тылынан этилиннилэр. Ону таһынан өй-санаа сайдыытын эт-хаан туруга, а.э.ис туругу тас турук уйарын уонна салгыы сайдарыгар туһуламмыт остуол оонньууларыгар аналлаах анал остуоллар бааллар. Дуобат, саахымат остуола анал саахымат, дуобат хонуулаах. Көрсүһэргэ, алтыһарга, кэпсэтэргэ-сэһэргэһэргэ аналлаах беседкалаах, ''Ийэ дьоло'' диэн фотозоналаах. Искибиэр тэбэр сүрэҕэр, саамай киин сиригэр уу нуурал турукка киирэргэ көмөлөөх фонтан оҥоһулунна. Кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһарга чэчик чэмэлкэй өҥүнэн киэргэммит ''альпийскай горка'', анал вазоннар бааллар.''Күөх сирэм'' биир киэн тутта кэпсииргэ сонуна бу үөрүүлээх түгэҥҥэ бу сайын бэлэх быһыытынан туппут выпускниктар оҥотторбут талыы талба талаан туоһута, кэрэ санаа кэрэһитэ – ыскамыайка баар. Бу Хатас орто оскуолатын 50 сыл анараа өттүгэр бүтэрбиттэр бэлэхтэрэ. Кинилэр тустарынан сиһилии от ыйыгар сырдаппыппыт. Кырдьыга да сырдыкка, сылааска, үрдүккэ талаһарга аналлаах кустук өҥүгэр киэргэммит, күөх солкоҕо сууламмыт ''Күөх сирэм'' ыҥырар-угуйар күүһэ өссө эбилиннэ.
Бырайыак олоххо киирэригэр сүрүн күүспүт, киэн тутта ааттыыр ааппыт Вадим Яковлевич Пинигин диэн эдэр ыал аҕата, талба талаан. Куорат көмөлөспүт үбэ-харчыта бырайыакка киирбит тутуулар аҥардас матырыйаалыгар эрэ тиийэр тиийбэт тиийдэ. Онон бырайыак күн сирин көрөрүгэр барбыт үлэ үтүө санаа чэрчитинэн босхо оҥоһулунна. Дьэ, бу холобур буолар хорсун санаа, хоһуун быһыы-майгы, киэн туттуу төрүөтэ буолар. Маннык дьон баарын тухары сайдыы - үүнүү аартыга аһаҕас буолара саарбаҕа суох.
Маны таһынан бырайыак аныгы технологиятыгар күүс-көмө буолбут Алексей Ивановка, алгыһы аахпыт тахсан эрэр тимир ууһа Алексей Апросимовка, ырааһырдыы, хомунуу үлэтигэр кыттыбыт ''Материнская слава'' мэтээл хаһаайкаларын түмсүүтүгэр, оскуолабыт үөрэнээччилэрин салайан аҕалан үлэлэспит М.С Окороковка, С.Н.Сивцеваҕа, Г.Ф.Евсеевкэ сибэккилэрбит вазоннарын кырааскалаабыт Октябрина Оконешниковаҕа, Сардаана Колосоваҕа, Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар махталбыт муҥура суох. Этно-искибиэрбит аһыллыытыгар биһиги арахсыспат аргыстарбыт, мэлдьи бииргэ буолааччыларбыт үтүөкэн дьоммут Хатастааҕы музыкальнай оскуола кэлэктиибэ тыыннаах доҕуһуолунан киэргэппитигэр тэрээһин бары кыттыылаахтарын аатыттан махтал. Анал махтал тылбытын, сүгүрүйүүбүтүн биир дойдулаахпытыгар алгысчыт Арыйаан Петровка тиэрдэбит.
Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ суолта биэрэн, бириэмэ булан кэлэн эҕэрдэлээбит Дьокуускай куорат аҕа баһылыгар Григорьев Евгений Николаевичка, биһиги биир дойдулаахпытыгар, төрөөбүт төрүт сирэ сайдарын туһугар билиитин-көрүүтүн биэрбит, куораттааҕы Дуума депутатыгар Парасковья Афанасьевна Козловаҕа нэһилиэк дьонун-сэргэтин аатыттан сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит.