09.05.2024 | 16:00

Дьокуускай куорат сэрии сылларыгар хайдах этэй?

Дьокуускай куорат сэрии сылларыгар хайдах этэй?
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Сэрии сылларыгар Дьокуускай куорат хайдах дьаһанан олорбутай? Сэриигэ төһө киһи ыҥырыллан барбытай?

Туймаада туоната сэрии сылларыгар

1942 с. биэрэпис түмүгүнэн Дьокуускай куорат уонна Дьокуускай оройуонун сиригэр-уотугар 60 227 киһи олорбут (52 882 киһи – куоракка, 7 345 – Дьокуускай таһыгар). Тэрилтэлэртэн таҥара дьиэтэ, баан, бибилэтиэкэ уонна үөрэҕирии института эрэ таас дьиэлээхтэрэ, атыттар бары мас тутуу этилэр.

Сэрии саҕаланыан иннинэ Дьокуускай куоракка 7 кыра тэрилтэ үлэлиирэ: Киин электростанция, тирии, кирпииччэ, пиибэ собуоттара, миэлиҥсэ, лесокомбинат, типография. 40-с сылларга түннүгү, лаампаны, хаһаайыстыбаннай иһиттэри оҥорон таһаарар өстүөкүлэ собуота үлэтин саҕалаабыта.  Ону тэҥэ макарон фабриката, механизациялаах килиэп собуота, кондитерскай производство тэриллибитэ.

Сэрии кэмэ төһө да ыараханын иһин, куоракка олох салҕанан бара турар. 1940-1945 сс. 15 олорор дьиэ, 2 оҕо саада, 16 бырамыысалыннай тутуу, 2 таас оскуола (билиҥҥи 1 №-дээх уонна 3 №-дээх оскуола дьиэлэрэ), прокуратура дьиэлэрэ, билиҥҥи «Центральнай» киинэ тыйаатыра тутуллубуттара. Сэтинньи 6 күнүгэр 1941 сыллаахха Нуучча драматическай тыйаатырын саҥа дьиэтэ аһыллыбыта.  Санаан көрдөххө, улахан тутуулар ыытыллыбыттар.

Сэрии сылларыгар Дьокуускай куорат административнай киин буолан,  бүтүн Саха сирин партийнай, сэбиэскэй уорганнарын үлэлэрин салайбыта. Ол курдук, Саха сиринээҕи коммунистическай партия салаатын, комсомол, Красноярскайдааҕы салгын трассатын 1-кы полкатын штабын, Бүтүн Сойуустааҕы «Якутзолото» трест, Саха сирин өрүс пароходствотын уонна Хотугу муора суолун кылаабынай управлениелара бааллара. Бу тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кыайыыга кылааттарын иһин И.В. Сталин илии баттааһыннаах махтал суруктарынан, судаарыстыбаннай уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.

Ону таһынан, киин куораппытыгар Красноярскай-Уэлькаль («Аляска-Сибиир (АЛСИБ)») салгын трассатын штаба баара. Бу трасса нөҥүө биһиги дойдубутугар Америкаттан байыаннай уонна транспортнай сөмөлүөттэр  көмөҕө аҕалыллыбыттара.

 

Сэриигэ хомуур хайдах барбытай?

Саллааттары сэриигэ ыҥырыынан Дьокуускай оройуонун холбоһуктаах байыаннай комиссариата дьарыктаммыта. Бу комиссариаттан куораттан эрэ буолбакка, чугастааҕы улуустар олохтоохторо эмиэ ыҥырыллыбыттара (Орджоникидзевскай, Горнай, Нам, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан). Сэрии бастакы нэдиэлэтигэр олохтоохтортон 430 сайабылыанньа киирбит.

1941 с. от ыйыгар 1921-23 с.т. эдэр дьону Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыттан ыҥырыы саҕаламмыт. Хомуур пуунугар ордук орто үөрэх кыһаларын уонна Дьокуускайдааҕы  педагогическай институт устудьуоннара кэлбиттэр. Кинилэр ортолоругар ударниктар уонна үөрэх туйгуннара элбэхтэрэ ахтыллар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт Георгий Иванович Шавкунов 1941 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр биир бастакынан ыҥырыллыбыт.

1941 с. фроҥҥа Саха сириттэн барыта 16 964 киһи барбыт. Кинилэр сүрүннээн ол сыл күһүнүгэр бастакы бойобуой сүрэхтэниилэрин ылар Москва уонна Ленинград аннынааҕы кыргыһыыларга кыттыбыттар. Сахалар үгүстэрэ нууччалыы билбэттэрэ улахан ыарахаттары үөскэппит. Сэрии бастакы сылларыгар маассабай өлүү буолбут.

1942 с. мобилизация бэс ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыт уонна хас да түһүмэҕинэн ахсынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр барыта 5 863 саллаат киирбит.

1943 с. тохсунньу 28 күнүттэн ахсынньы 28 күнүгэр диэри сэриигэ 4 125 саллаат ыҥырыллыбыт.

1944-1945 сс. барыта 2 160 саллаат (1944 с. — 1 626,  1945 с. — 534) ыҥырыллыбыт.

1941-1945 сс. Саха сириттэн сэриигэ барыта 62 091 саллаат, ол иһигэр 414 дьахтар барбыт. 32 тыһыынчаттан тахса киһи сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...