20.05.2024 | 12:46

Дьокуускай куорат саҥа дьиэлэрэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥнарынан ааттаннылар

Дьокуускай куорат саҥа дьиэлэрэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥнарынан ааттаннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хабаровскай куоракка буолан ааспыт 27-ис «ДВ Зодчество — 2024» Уһук Илиннээҕи архитектура бэстибээлигэр Дьокуускай куорат кыбаарталларыгар тутуллубут дьиэлэр кыайыылааҕынан ааттаммыттар.
Ол курдук, «Архитектура жилых зданий и комплексов раздела постройки» номинацияҕа кыһыл көмүс дипломунан Бүлүүлүүр суол 3 км тутуллубут дьиэ бэлиэтэммит. Маҕаһыыннаах, үөрэх комплекстаах элбэх кыбартыыралаах дьиэ ааптарынан «ДСК-Проект» буолар. Байкалов уулуссатыгар тутуллубут дьиэ үрүҥ көмүс дипломунан наҕараадаламмыт, ааптар – «Горпроект» ХЭТ. Оттон «ЛСТК-Проект» ХЭТ 16-с кыбаарталга туппут дьиэтэ боруонса диплом хаһаайына буолбут. 
Саха сирин архитектордарын (Спартак Иванов, Николай Алексеев) Дьокуускайга Гастелло уулуссатыгар туппут комплекстара уонна 13-с кыбаарталга тутуллубут сылаас массыына туруорар сирдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрэ «Проекты» номинацияҕа эмиэ үрүҥ көмүс уонна боруонса дипломнарынан бэлиэтэммиттэр. 
Маны таһынан «Туйгун-проект» ХЭТ Сунтаар Кириэстээҕэр туппут «Саргы түһүлгэтэ» социальнай-култуурунай киинэ «Архитектура общественных зданий и комплексов» номинацияҕа үрүҥ көмүс диплом хаһаайына буолбут.
Итини сэргэ Саха сирин архитектордарын сойууһа, Ил Дархан иһинэн архитектураҕа уонна куораты тутууга управление уонна Куораты тутуу боппуруостарыгар компетенция киинэ «Якутия – взгляд в будущее» экспозияция иһин кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэммиттэр. Экспозиция Саха сирин архитектордарын сойууһа тэриллибитэ 60 сылыгар анаммыт. 
Ити курдук архитектордарбыт бэстибээлтэн уопсайа 17 кыһыл көмүс, 37 үрүҥ көмүс уонна икки боруонса дипломунан уонна кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланнылар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...