Дьокуускай куорат үөрэҕириитин сайдыытын түмэлэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир
Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтигэр үлэлиир Дьокуускай куорат үөрэҕириитин сайдыытын түмэлин 30 сыллаах үбүлүөйүнэн «Кэм уонна көлүөнэ тыыннаах ситимэ» диэн быыстапка арылынна. Тэрээһин «Куорат историята – оскуолаттан” диэн научнай практическэй кэмпириэнсийэ чэрчитинэн ыытылынна.
Быыстапканы Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэххэ салаатын салайааччыта Мария Петрова арыйда. Кини хас биирдии кэмпириэнсийэ история саҥа кэрдииһин арыйар диэн бэлиэтээтэ.
Куорат үөрэҕин историятын илдьэ сылдьар Саха АССР үтүөлээх учуутала, үөрэҕирии туйгуна Галина Сюндюкова уонна куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евдокия Евсикова бэйэлэрин эдэр саастарыттан кэпсээтилэр. Бу түмэлгэ хас биирдии сырыы билигин биһиги кэккэбитигэр суох ытыктыыр учууталларбытын кытта көрсүү диэн Евдокия Евсикова бэлиэтээн эттэ.
Оҕо айымньытын дыбарыаһын дириэктэрэ Татьяна Иванова бочуоттаах ыалдьыттарга сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Түмэл 1994 сыллаахха тохсунньу 19 күнүгэр оччотооҕу куорат үөрэҕин салалтатын салайааччыта Евгения Михайлова көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Манна үөрэх бары салаатын хабар экспозициялар тураллар – кинигэттэн саҕалаан, учууталлар талааннарын билиһиннэрэр экспонаттарга тиийэ. Түмэл история ситимэ эрэ буолбакка, үөрэтэр-сырдатар киэҥ суолталаах.
(Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымнытын дьиэтин пресс-сулууспатын хаартыскалара)