11.07.2024 | 14:00

Дьокуускай куорат «Киин» уокуругун тэрилтэлэрин тас суруга-бичигэ

Дьокуускай куорат «Киин» уокуругун тэрилтэлэрин тас суруга-бичигэ
Ааптар: Саргылана Иванова, тыл билимин хандьыдаата, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын дассыана, М.К. Аммосов аатынан ХИБҮ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл үбүлээһининэн 2023 с. ыытыллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыллар туһунан сокуон толоруллуутун кэтээн көрүү” чинчийии сорох түмүктэрэ

 

Саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын уһуйааччылара «СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар» барыл чэрчитинэн СӨ Тыллар тустарынан сокуона төһө тутуһулларын чинчийдибит. Мин Дьокуускай куорат «Киин» уокуругунааҕы судаарыстыба тэрилтэлэрин ааттарын, өйдөбүнньүк дуоскаларын, пааматынньыктарын суругун-бичигин көрдүм. Барыта 137 эбийиэги көрбүппүттэн, 101 – судаарыстыбаннай тэрилтэ, 15 – пааматынньык, 18 – өйдөбүнньүк дуоска, 3 – ыйар бэлиэ.

Олортон 78 тэрилтэ аата сахалыы уонна нууччалыы суруллубут, тэрилтэ үлэтин чааһа сурукка үксүгэр икки тылынан биир табылыыссаҕа киирбит. Сорох тэрилтэ аата нууччалыы эрэ суруллубут: Детская инфекционная клиническая больница; Автономное учреждение «Государственная филармония Республики Саха (Якутия) им. Г.М. Кривошапко»; Государственное автономное учреждение Республики Саха (Якутия) «Детское издательство «Кэскил»; эрэдээксийэлэр: газета «Забота-Арчы”, журнал: «Далбар Хотун», «Полярная звезда»; Республиканский медиа-центр; Саха информационное агенство «Якутия» ЯСИА о.д.а.

 

Нууччалыы уонна ааҥыл тылынан суруллубут тэрилтэ аата эмиэ баар: «Модун» успуорт комплекса, «Сокровищница Якутии»  быыстапка.

 

Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлин тас суруга сахалыы, нууччалыы уонна ааҥыл тылынан суруллубут: Хомус түмэлэ – Музей и центр Хомуса Народов Мира –People of the world khomus museum and center.

 

Бу уокурукка барыта 18 өйдөбүнньүк-дуосканы көрбүппүттэн, 17-тэ нууччалыы суруллубут, мантан биир эрэ, бэйээт В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырапка анаммыт өйдөбүнньүк, сахалыы суруктаах: «Бу дьиэҕэ саха народнай поэта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 1982-1990 сылларга олорбута».  

 

Маны таһынан, 15 пааматынньыктан 12-тэ нууччалыы суруктаах, иккитигэр эрэ сахалыы суруктаах: П.А. Ойуунускай пааматынньыгын ааркатыгар суруйааччы айымньыларыттан быһа тардыы суруллубут, «Модун Таас» мэҥэ таас саха, нуучча, ааҥыл тылынан ыйыллыбыт.

Үс  ыйар бэлиэни көрбүппүттэн (Аммосов уул., 8, Киров уул., 11, «Московскай» атыы-эргиэн киинэ) үһүөн сахалыы, нууччалыы, ааҥыл тылынан суруллубуттар. Ол да буоллар бу ыйар бэлиэлэргэ маннык алҕаһы буллум: сорох тыл, тыл ситимэ сыыһа тылбаастаммыт эбэтэр ордук тылы туттуу көстөр: «СР күндү кылааттаах сирэ түмэл»«СӨ күндү кылаатын түмэлэ» оннугар; итини таһынан, нууччалыы тиэкиһигэр сурук бэлиэтигэр алҕас – хабыычыканы көтүтүү тахсыбыт: музей Сокровищница РС (Я)) музей «Сокровищница РС (Я))» оннугар, Московский сквер / Москуба сквер – Москуба искибиэрэ оннугар.

 

Дьокуускай «Киин» уокуругун бу хабыллыбыт эбийиэктэрин ааттарын сахалыы тылбааһыгар маннык алҕас тахсар эбит диэн түмүккэ кэллим:

Бастакыта, буукубаны сыыһа суруйуу, көтүтүү (кыраапыка алҕаһа).

«Ү» буукубаны сыыһа суруйуу: Бэчээт Дьиэтин үлэлиир бириэмэтин ыйынньыгар Ү оннугар У-ну туттуу: Улэлиир бириэмэтэҮлэлиир бириэмэтэ оннугар. Маны таһынан, нууччалыы сурукка буукубаны көтүтүү көһүннэ: Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл нууччалыы суругар «ответственность» диэн тылга т буукуба көппүт: Лица, причинившие вред объекту культурного наследия, несут административную и иную ответсвенность.

 

Иккиһинэн, таба суруйуу быраабылатын кэһии. Таба суруйуу тылдьытыгар сахатыйбыт киирии тыллары нууччалыы суруйуу эбэтэр тылдьыкка киирбэтэх тыллары нууччалыытынан хаалларар түбэлтэ элбэх: республика – өрөспүүбүлүкэ оннугар, бюджетбүддьүөт оннугар, театртыйаатыр оннугар; библиотекабибилэтиэкэ оннугар, РоссияАрассыыйа оннугар, министерствоминистиэристибэ оннугар, управление салалта оннугар; Дьокуускай куорат лицейэДьокуускай куорат лиссиэйэ оннугар; Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах государственнай музейаустуоруйаларын, култуураларын, түмэлэ оннугар, государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэ – судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ оннугар.

А буукуба оннугар ы буукубаны суруйуу: Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай сииркэтэсудаарыстыбаннай оннугар.

Нууччаттан киирии даҕааһын аат суруллуутугар дорҕоон дьүөрэлэһиитин кэһии: Метрологияны техническай сүрүннээһин Иниспиэксийэтэтехническэй оннугар о.д.а.

Үсүһүнэн, кырамаатыкаҕа тахсар алҕас. Этиигэ наада буолбат, ордук тылы киллэрии: Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр музей дьиэтэ (Здание республиканского краеведческого музея им. Ем. Ярославского)Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл оннугар, государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэ – судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ оннугар. Маны таһынан -тааҕы диэн сыһыарыы сыыһа эбиллибит: Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах архитектура өйдөбүнньүгэ – Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах архитектура өйдөбүнньүгэ оннугар о.д.а.

Тыл сүһүөҕүн хатылаан литэрэтиирэлии нуорманы кэһии: А. П. Гайдар аатынан идэтитиллибит оҕо библиотеката: А. П. Гайдар аатынан идэтийбит оҕо бибилэтиэкэтэ оннугар (-ти, -ти сүһүөҕү хатылааһын);

Аат тылга -ааһын сыһыарыыны эбии: Российскай Федерация үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэАрассыыйа Федерациятын үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ Үрдүк үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай бүдьүөтүн тэрилтэтэ;

          Тардыы ситимин оннугар сыһыарыы түһүк халыыбын туттуу тэнийбит: Саха өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэСаха өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ оннугар; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэСаха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ оннугар; Российскай Федерация үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэ Арассыыйа Федерациятын үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ Үрдүк үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ оннугар; Саха өрөспүүбүлүкэтин Арктиканы сайыннарыыга уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Арктиканы сайыннарыы уонна Хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ оннугар о.д.а.

          Дьөһүөлү эбии: Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэ Үрдүк үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ оннугар.

          Атынтан туһаайыы сыһыарыытын эбии: идэтитиллибит оҕо библиотеката: идэтийбит оҕо бибилэтиэкэтэ оннугар.

          Нууччалыы да, сахалыы да сурукка биир олохтоох тылы хатылааһын: Российскай Федерация үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай государственнай бюджет иһинэн үөрэх тэрилтэтэ; Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтата «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук Муниципальнай бюджетнай үөрэх тэрилтэтэ.

          Нуучча тылыттан сахалыы сыыһа тылбаас: с углубленным изучением отдельных предметов диэн ситим үс араастык туттуллара көһүннэ – туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр эбэтэр анал туспа предметтэри дириҥэтэн үөрэтии эбэтэр кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр сорох биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр оннугар; СР күндү кылааттаах сирэ түмэл (Музей сокровищница РС (Я) (указатель) – СӨ күндү кылаатын түмэлэ оннугар о.д.а.;

          Тардыы сыһыарыытын наадата суох сиригэр эбии: 2 №-дээх национальнай политехническай сорох биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр орто оскуолата сорох биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр 2-с №-дээх национальнай политехническай орто оскуола;

          -ай сыһыарыылаах киирии даҕааһын ааты тардыы ситимин оннугар туттуу: «спортивная школа» ситим «спортивнай оскуола» оннугар  «успуорт оскуолата» диэн  ситим ордук;

          Тыл бэрээдэгин кэһии эбэтэр быһаарыы ситимнэһэр тылыттан тэйиитэ: 2 №-дээх национальнай политехническай сорох биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр орто оскуолата сорох биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр национальнай политехническай 2-с №-дээх орто оскуола оннугар, манна 2 №-дээх быһаарыы аат тылтан тэйиитэ, В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх көҥүл тустууга оҕо спортивнай оскуолата – В.П. Керемясов аатынан көҥүл тустууга 3 №-дээх оҕо спортивнай оскуолата оннугар о.д.а.

          Көстөрүн курдук, Дьокуускай куорат «Киин» уокуругун тэрилтэлэрин аатыгар буукубаны сыыһа суруйуу, көтүтүү, таба суруйуу быраабылатын кэһии көстөрүн таһынан,  ордук элбэхтик кырамаатыка алҕаһа тахсар. Тэрилтэ аатын саха тылынан сыыһата-халтыта суох суруйарга нуормалыыр халыып оҥоһуллуохтааҕын бу  чинчийии дьэҥкэтик көрдөрдө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...