18.03.2021 | 10:04

Дьокуускай куорат: иллэрээ сыл, былырыын, быйыл

Дьокуускай куорат: иллэрээ сыл, былырыын, быйыл
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохпут биир сиргэ турбат. Уларыйыы-тэлэрийии, сайдыы барар. Ханнык эрэ эйгэҕэ түргэнник, сороххо бытааннык.  Дьокуускайга кэнники икки сыл иһигэр туох үтүө уларыйыылар буоллулар? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ ааҕыҥ.

НЭҺИЛИЭКТЭР КИИН КУОРАТТАН ХААЛСЫА СУОХТААХТАР

Роман СОРОКИН, Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу:

– Бу ыйытыыга быһаччы хоруйдуурбун ыарырҕатар эбиппин. Тоҕо диэтэххэ, ол иннинэ ОДьКХ боппуруостарыгар эриллибэккэ,  энергетика салаатыгар үлэлээбитим. Онон туох уларыйбытын, урут хайдаҕын “маннык этэ” диирим уустук. Итиннэ ааспыт кэми саныахха наада. Өскөтүн уон сыл анараа өттүгэр эргилиннэххэ, тэрилтэлэр улахан иэстээхтэрэ, холобур, “Теплоэнергия”-ны  да ылан көрдөххө (гааһынан, уотунан хааччыйыыга). Оборудованиены эмиэ уларытыахха наада этэ, санитарнай ыраастааһыҥҥа эмиэ үгүс боппуруос баара. 2013-2014 сылларга Орджоникидзе болуоссатыгар элбэх саҥа тиэхиньикэ кэлэн турбутун өйдүүбүн. Ол коммунальнай сулууспаҕа дьоһун хардыы буолбута. Бу икки аҥаар сыл иһигэр саҥардыы, тупсарыы үлэтин салҕаатыбыт. Былырыын Лермонтов уул., 200 саҥа хочуолунайы арыйбыппыт. Быйыл үлэтэ өссө күүһүрүөҕэ.  Олорор дьиэлэр (саҥа тутулла турар дьиэлэр эмиэ) технологическай холбооһуннарыгар саҥа кыахтар баар буоллулар.

Маны сэргэ, ууну ыраастыыр дьоҕус станциялары туруорар соруктаахпыт. 2019 сыл ахсынньыга Кангалаас бөһүөлэгэр модульнай станция аһыллыбыта. Аны туран, канализация ааһар саҥа ситимнэрин тутар улахан сорук турар. Кангалааска уонна Табаҕаҕа курдук.

Соторутааҕыта салалтаны кытта куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ үлэни күүһүрдэр туһунан ырыппыппыт. Уулуссалары сырдатыыга, интэриниэт ситимин киллэриигэ, видеокамералары туруорууга үгүс болҕомто ууруллуохтаах. Нэһилиэктэр киин куораттан хаалсыа суохтаахтар, онно дьон олорор усулуобуйата табыгастаах буолуохтаах.

БЫЛААММЫТЫН ХАЙААН ДА ТОЛОРУОХПУТ

Мантан салгыы дьоллоох Дьокуускайбыт ыраас, сырдык, тупсаҕай буоларын туһугар куорат хаһаайыстыбатын тутан, дьаһайан олорор, тыын боппуруостары быһаарар тэрилтэлэр үлэлэрин билсиэҕиҥ. 

Амирхан ЯНДИЕВ, «Якутдорстрой» АУо:

— Биһи-гини хам-хаадьаа хайгыыллар, үксүн суоллартан, тротуардартан хаары ыраастаабаттар диэн үөҕэллэр. Ааспыт икки кыһын устата түспүт сөҥүүтүнэн рекорду олохтоото. Өскөтүн 2019 сыллаахха хаар полигонугар 428 тыһыынча куб. м хаар тиэйиллибит буоллаҕына, 2020 сылга ол көрдөрүү 565 тыһыынча куб. м буолбута.  Мин коммунальнай эйгэҕэ 20-тэн тахса сыл үлэлээтим эрээри, бачча элбэх хаар түспүтүн бу диэн өйдөөбөппүн. Урукку сылга 250-300 тыһыынча куб буолара. Онон бу кэнники икки сылга ноҕуруускабыт улаатан, икки симиэнэнэн үлэлээтибит.

Манна суол ситимин иэнэ улааппытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьокуускайга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн элбэх эбийиэккэ тутуу барда. 2019 уонна 2020 сылларга уопсайа 50 км кэриҥэ суол оҥоһулунна уонна өрөмүөннэннэ. 

Быйыл эмиэ хаардаах кыһын ааста. Кулун тутар 9 күнүнээҕи туругунан Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа турар куорат полигонугар барыта 44554,0 тыһыынча куб. миэтэрэ хаар тиэйилиннэ. Онтон 11 762, 0  – “Якутдорстрой” үлэтин түмүгэ. Ону таһынан чааһынай дьон, атын тэрилтэлэр полигоҥҥа хаардарын аҕалан сүөкүүллэр, босхо толуону управаттан ылаллар. Хаары ыраастааһын үлэтэ түмүктэнэрэ ыраах, муус устар ортотугар диэри салҕаныан сөп. 

Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга томороон тымныылар (-50 кыраадыс, онтон намыһах) турбуттара. Онон балтараа ый курдук тиэхиньикэ уонна дьон үлэлии тахсар кыахтара суоҕа. Ол да буоллар, биһиги муҥатыйбаппыт, кэлэктииппит иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх. Таһырдьа сылыйаатын кытта, үлэ үөһүгэр түспүппүт. Былааммытын хайаан да толоруохпут.

Сыыйа-баайа саҥа коммунальнай тиэхиньикэни, уулуссалары ыраастыыр пылесостары, сиппийэр массыыналары ылынныбыт. Барыта этэҥҥэ үлэлиир. 2021 сылга аспаалы уурар, суол дьапталҕатын дэхсилиир, бытарытар, үлтүрүтэр анал тиэхиньикэлэннибит. Онон суолларбытын өссө үрдүк хаачыстыбалаахтык тутуохпут уонна түргэнник өрөмүөннүөхпүт.   

100 % сырдык куорат

Максим МАШКОВ, «Горсвет» МУТ дириэктэрэ:

— Уулуссалары сырдатыы – Дьокуускай куорат дьаһалтатын үлэтигэр биир сүрүн хайысха. Кэнники үс сылга хамсааһын таҕыста. Ол курдук, 2018 сыллаахха 84 уот остуолбатын туруорбуппут (4, 4 км), 2019 сыллаахха – 116 остуолба (6, 2 км), оттон былырыын – 280 (9 км). Былырыын куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ уонна микрооройуоннарга үлэ ыытыллыбытын (91 уот остуолбата) бэлиэтиирбит тоҕоостоох.

Кэнэҕэскитин куорат салалтата уулуссалары 100 % сырдатар соругу туруорбута. Билиҥҥи туругунан 64 бырыһыана туолла. 2021 сылга 700 уот остуолбатын туруорар былааннаахпыт. Аадырыстарынан былаан билигин бигэргэтиигэ сытар, үлэ кээмэйэ үбүлээһинтэн тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн өйөбүлүнэн былааммытын толорор кыахтаахпыт.

Бэлиэтээн эттэххэ, сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэ салалтата Дьокуускай куораты сырдатыыга уонна сылаас тохтобуллары тутууга эбии 100 мөлүйүөн солкуобайы эбии көрүөхтээх.

ХААРБАХ ТУРУКТААХ ДЬИЭЛЭРТЭН ОЛОХТООХТОРУ КӨҺӨРҮҮ

Кэнники кэмҥэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү үлэтэ күүһүрдэ. Тустаах бырагыраама түһүмэхтэрин, төһө үп көрүллэрин, аукционнар хайдах баралларын ааҕааччыларбыт интэриэһиргиир буолуохтаахтар. 

Александр НОВОЛОКОВ, Дьиэ-уот сыһыанна-һыыларын департаменын салайааччыта:

— Хаарбах туруктаах уонна саахалланар кутталлаах дьиэ боппуруоһа хаһан баҕарар сытыытык турар. Дьокуускай куоракка баар мас дьиэлэр үгүстэрэ техническэй туруктарынан уонна тутуллубуттара ырааппыт буолан дьон олороругар сөбө суохтар. Онно сүнньүнэн нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох араҥа – инбэлииттэр, биэнсийэлээхтэр, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэрэ, ону таһынан дьиэ атыылаһар, туттар кыаҕа суох дьон олороллор.

“2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан күргүөмнээх үлэ ыытыллар. Бастакы түһүмэххэ (2019 сыл болдьоҕо – 2020 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри) 739 киһи олорор 241 дьиэтэ  киирбитэ.    

Дьиэ-уот тутуутун өрөспүүбүлүкэтээҕи дирекцията ыыппыт электроннай аукционун түмүгүнэн  115 дьиэ ылылларыгар тутааччылары (застройщиктары) кытта судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибитэ. Маны сэргэ, тутааччылартан атын тэрилтэлэри кытта 103 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 32 судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибитэ.  

Бырагыраама иккис түһүмэҕэр (2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх) 772 киһи олорор 270 дьиэтэ киирбитэ. 44 дьиэ бас билээччилэргэ уонна муниципальнай дьиэ наймылаһааччыларыгар ылыллыахтаах, 126 бас билээччи харчынан толуйтарар суолу талбыта. 

Электроннай аукционнары ыытыы түмүгүнэн 4 279 кв. миэтэрэ иэннээх 140 олорор дьиэни ыларга судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибитэ. 

Быйылгы түһүмэххэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору түргэнник көһөрөөрү, федеральнай бырайыак чэрчитинэн дойду бүддьүөтүттэн эбии харчы көрүллүбүтэ. Ол курдук, үбүлээһин суумата эбиллэн, 115 (20 оннугар) дьиэ олохтоохторо былааннаммыттан эрдэ харчынан толуйтарар буоллулар. Билигин Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департамена 2021 сылга көһөрүү былаана улааппытын учуоттаан, сайаапкаларынан үлэни ыытар. 

Маны таһынан, департамент Дьокуускай куоракка хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү муниципальнай бырагырааманан үгүс үлэни ыытар. 2019 сыллаахха 23 дьиэ бас билээччитэ харчынан ылбыта (42 033 000 солк.), 51 киһи дьиэлэммитэ. 216 киһи олорор 74 кыбартыырата көһөрүллүбүтэ. Оттон 2020 сыллаахха – 24 кыбартыыраттан 57 киһи. Суут быһаарыытынан 17 дьиэ көһөрүллүбүтэ. Былырыын муниципальнай бырагыраама иһинэн бүддьүөт чуолкайдааһыныгар 17-с кыбаарталтан олохтоохтору көһөрүүгэ 134, 6 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Бу үп үс элбэх кыбартыыралаах дьиэни (47 кыбартыыра) көһөрүүгэ тыырыллыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, аҥаардас 2020 сылга 16 дьиэ көтүрүллүбүтэ, ол 2019 сыл көрдөрүүтүн икки төгүл куоһарар.     

Маны таһынан быйыл бүддьүөттэн Автодорожнай уул., 8/4, олохтоохторугар компенсация төлүүргэ 58,8 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. 

Свердлов уулуссатыгар тутулла турар дьиэ үлэҕэ киирдэҕинэ, онно Пионерскай уул., 13, Жорницкай уул. 19 уонна 21 нүөмэрдээх дьиэлэрин олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр. Былаан быһыытынан, бу сыл бүтүөр диэри. Куорат бүддьүөтүгэр 2021 сылга 14 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүтэ (быһа холоон 14 дьиэ көтүрүллүөхтээх).  

Былырыын 211 дьиэ хаарбах  туруктааҕынан билиниллибитэ. Бу 2012 сылтан саҕалаан, саамай үрдүк көрдөрүү. Тэҥниир буоллахха, 2019 сыллаахха 197 элбэх кыбартыыралаах дьиэ саахалланар туруктааҕынан ааттаммыта. Оттон быйылгы былаан – 175 элбэх кыбартыыралаах дьиэ. 

САЛАЛТА ПРЕДПРИНИМАТЕЛЛЭРИ ӨЙҮҮР

Ааспыт 2020 сыл барыбытын да үтэн-анньан көрдө, төһө дьулуурдаахпытын, тулуурдаахпытын тургутта. Чуолаан предпринимателлэри таарыйда, дьоҕус уонна орто бизнес эйгэтэ олус эмсэҕэлээтэ.

Уустук кэмҥэ Дьокуускай куорат дьаһалтата предпринимателлэри хайдах өйөөбүтүн туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын экономикаҕа уонна үп-харчы боппуруостарыгар солбуйааччы Георгий Гаврильев кэпсээтэ:

— 2020 сыл кулун тутар ый бүтүүтэ Олохтоох дьаһалта Дьокуускай куорат сайдыытын Пуондатын микрокредитнэй хампаанньатын заемщиктарын өйүүр дьаһалы таһаарбыта. Заемщик уопсай ахсааныттан (48) 1, 3 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 47 дуогабар бырыһыаны төлүүр болдьоҕо уһатыллыбыта. Кинилэргэ бырыһыан ставката 4, 67 бырыһыаҥҥа тиийэ түһэриллибитэ. Сүрүн иэстэрин төлүүр болдьохторо уһаан биэрбитэ. Биһиэхэ 14, 1 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 53 сайаапка киирбититтэн 41-рэ бигэргэтиини ылбыта. Ордук эмсэҕэлээбит салаалар испииһэктэригэр киирбит субъектартан 35 сайаапканы туппуппут. Ол курдук, “кирэдьиит каникулунан” (бырыһыанынан) бэриллибит уопсай суума 2,37 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ.     

Былырыын кулун тутар ыйтан атырдьах ыйыгар диэри үлэлэрин тохтоторго күһэллибит дьоҕус уонна орто предпринимательство тэрилтэлэрэ атыы-эргиэн эбийиэктэригэр миэстэ иһин төлөбүрдэриттэн босхоломмуттара. Маннык өйөбүлгэ 89 субъектан 18-һа сайаапка биэрбитэ. Ол суумата мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ. Ыам ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын быһаарыытынан 2020 сылга “вмененнай” дохуокка 10 бырыһыаннаах биир кэлим нолуок ставката олохтоммута. Ол көмөтүнэн 2400 кэриҥэ предприниматель (ЕНВД төлөөччү уопсай ахсааныттан 50, 2 %) 48, 2 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа өйөбүл ылбыта. 

«Жилкомсервис» – ТИРЭХ ТЭРИЛТЭ

Бу тэрилтэ 2011 сылтан үлэлиир. Салайар хампаанньаттан саҕалаан баран, билигин куорат хаһаайыстыбатыгар биир эппиэтинэстээх хайысханан дьарыктанар дьоһун тэрилтэҕэ тиийэ үүннэ-сайынна.«Жилкомсервис» убаҕас уонна тоҥмут бөҕү полигоҥҥа илдьэр уонна көҥүлэ суох тимир гараастары тиэйэр эбээһинэстээх. 

Валерия БИЛОУС, дириэктэр:

— Тэрилтэ салайааччытынан 2019 сылга анаммытым. 100 мөлүйүөн солкуобайтан тахса иэстээх тэрилтэни туттарбыттара. Саҥа тиэхиньикэ 2015 сыллаахха ылыллыбыт этэ. Онон бастаан кризиһи утары дьаһаллары ылар туһунан толкуйдаабыппыт. Икки аҥаар сыл иһигэр “Жилкомсервис” 100 мөлүйүөн солкуобайтан тахса нолуогу төлөөтө.   

Биһиги куорат дьиэлэрин толору хааччыллыылаах уонна хааччыллыыта суох диэн араарбаппыт. Үлэһиттэрбит ханна баҕарар ыраастааһыны ыыталлар – бөх убаҕас буоллун, тоҥмут буоллун – кинилэргэ сүктэриллибит үлэ бары көрүҥүн үтүө суобастаахтык толороллор.

Бүгүҥҥү күҥҥэ “Жилкомсервис” – “Барытын киһи быһаарар” диэн этиинэн салайтарар, куорат хаһаайыстыбатыгар тирэх буолар тэрилтэ.

ОПТУОБУС СЫРЫЫТА УЛАРЫЙЫАХТААХ, ЫЫРА КЭҤИЭХТЭЭХ

Куорат олохтоохторо уопсастыбаннай тырааныспара суох сатаммаппыт. Дьокуускай күн-түүн улаатар, нэһилиэнньэтэ эбиллэр. Ол аайы оптуобус ыыра кэҥиир, үлэтэ күүһүрэр.

Валерий Домотов, “ЯПАК” МУТ дириэктэрэ:

–Бу иннинэ уопсастыбаннай тырааныспарга саппаас чааһынан хааччыллыы боппуруоһа сытыытык турар этэ. Былырыын, пандемия саҕаламмыт уустук кэмигэр, куорат салалтата өйөөн, былааннаммытынааҕар элбэх саппаас чааһы ылбыппыт, онон кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт. Олохтоох дьаһалта кыһалҕаны ис-иһиттэн үөрэтэн, үлэһиттэри, суоппардары кытта хаста да сирэй көрсөн кэпсэтэн, балаһыанньабытын өйдөөбүтэ. 1955 сылтан Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын үлэтин салайар “ЯПАК” тэрилтэ хайаан да баар буолуохтаах, сайдыахтаах диэн сүрүн сорук турбута.

Федеральнай бырагыраамаҕа кыттан эрэбит. Ол курдук, быйыл сайын Арассыыйа Тырааныспарга министиэристибэтигэр эбии 40 оптуобуһу ыларга сайаапка ыытыахтаахпыт. Онон саҥардыы үлэтэ күүһүрүөхтээх.

Биһиги нэһилиэнньэ этиитин, санаатын истэбит. Куораппыт улаатар, ону кытта тэҥҥэ оптуобус сырыыта уларыйыахтаах, ыыра кэҥиэхтээх. Бу – сүрүн соруктарбытыттан биирдэстэрэ. Онуоха үлэ номнуо бара турар. Холобур, Пригороднай олохтоохторо туруорсан, 108 нүөмэрдээх маршрут баар буолла. Бу сайын эмиэ хас даҕаны сонун хайысха киирэрэ күүтүллэр. Севернай микрооройуоҥҥа оптуобус сылдьарын ситиһиэхтээхпит. Олохтоох дьаһалта быһаарыытынан, нэһилиэнньэ туруорсуутунан тохтобуллары көһөрөн туран, чааһынай сектордары хабарга болҕомто ууруллар.

Аны туран, сылаас тохтобуллары муниципальнай тэрилтэ дьаһайыахтаах диэн бириинсибинэн эппиэтинэс “ЯПАК” тэрилтэҕэ сүктэрилиннэ. Тоҕо диэтэххэ, ырааһы, бэрээдэги хонтуруоллуурга, оннуга салайарга ордук. Бу кулун тутар ыйга үс сылаас тохтобулу үлэҕэ киллэрэбит. Алтынньыга диэри өссө 17 ичигэс тохтобулу туруоруохтаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...