Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар уларыйыылар
Ол курдук, атырдьах ыйын 3 күнүттэн Дьокуускай куорат тырааныспарга, суолга-иискэ управлениетын начаалынньыгынан Николай Николаевич Старостин ананна.
Николай Николаевич 2007 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан СГУ бүтэрбитэ, “Автомобильные дороги и аэродромы” үөрэхтээх, идэтийбит инженер.
Үлэтин суолун 2005 сылтан “Гордормостстрой” САУо-ҕа суол оробуочайыттан саҕалаабыта. Ону таһынан «НТК-строй» сабыылаах акционернай уопсастыбаҕа, «Севердорстрой», «СахаСпецТранс» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэргэ араас дуоһунаска үлэлээбитэ.
2018 сылтан билиҥҥэ диэри «Сунтар-автодор» тэрилтэҕэ ПТО начаалынньыгынан, сүрүн инженеринэн үлэлээбитэ.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан Николай Николаевич Степанов ананна.
Николай Николаевич – М.К.Аммосов аатынан СГУ выпускнига, юрист идэлээх.
1987 сыллаахха “Нам” сопхуоска болуотунньугунан үлэлии киирбитэ. Аармыйаҕа сулууспалаан баран, быраабы көмүскүүр уорганнарга үлэлээбитэ. 1999-2012 сс. Дьокуускай куоракка, Кэбээйи, Хаҥалас улуустарыгар суут бириистэптэрин сулууспатыгар үлэлээбитэ. 2012-2013 сс. - «Якутскмедтранс» СӨ Судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин каадырга инспектора. 2013-2019 сс. “Нам улууһа” МТ дьаһалтатыгар үлэлээбитэ.
Өр сыллаах үлэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Махтал суругунан бэлиэтэммитэ.
2019 сылтан билиҥҥэ диэри Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатыгар быраабы көмүскүүр уорганнары кытта сыһыаҥҥа уонна коррупцияны утары управлениеҕа сүрүн исписэлииһинэн үлэлээбитэ.