Дьокуускай куорат баһылыгын быыбарыгар Евгений Григорьев кыайда
Кулун тутар 26-28 күннэригэр киин куорат олохтоохторо Дьокуускай баһылыгын быыбарыгар кытыннылар. Барыта 83 792 киһи куоластаата диэн Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа уопсай түмүгү таһаарда.
Быыбарга “Биир ньыгыл Арассыыйа” партияттан кандидат Евгений Григорьев кыайда. Киниэхэ 37 083 киһи (44, 27%) эрэнэрин биллэрдэ. Иккис миэстэҕэ «Сиэрдээх Арассыыйа» партияттан Виталий Обедин 33 228 куоластаах (39,67%) таҕыста. Оттон Савва Михайлов (КПРФ) 9 535 куолаһы ылан (11,38%), үһүс миэстэ буолла. Иван Комаровка («Гражданская платформа») 959 киһи (1,14 %) куоластаата. Айаал Прокопьев (“Родина”) уонна Евгений Рябченко (ЛДПР) иккиэн тэҥ куолаһы ыллылар – 831 быыбардааччы (0,99 %).
Евгений Григорьев: “Миигин өйөөбүт бар дьоммор махтанабын. Биллэн турар, сыалбытын-сорукпутун ситиһэр суолбут уустук буолуо. Ол эрээри мин уонна хамаандам бэлэммит. Былааммытын олоххо киллэрэргэ туруннубут”, – диэн инстаграмҥа суруйда.