Дьокуускай куорат-390: умнуллубат тэрээһиннэр, чаҕылхай түгэннэр
«Вкусноград» быыстапка
Тэрээһин уопсастыбаннай аһылык эйгэтин үлэһиттэрин профессиональнай маастарыстыбаларын үрдэтэр, кулинарнай искусствоны пропагандалыыр, кулинария уонна сервис эйгэтигэр аныгы хайысхалары олоххо киллэрэр, уопут атастаһыы уонна повар идэтин престиһин үрдэтэр сыаллаах ыытылынна.
Кырдьаҕас куоракка – ретро-бырааһынньык
Бэрт сэргэх тэрээһин. Манна 50-60-70-с сыллар таҥас-сап маанытын, 70-90-с сыллар «Зим», «Запорожец», «Победа», «Волга» массыыналарын көрүөххэ сөп этэ.
Автодорожнай уокурукка — саҥа тиэргэн
Автодорожнай уулусса, 40/5, 40/6 дьиэлэригэр саҥа балаһаакка аһылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов кытыннылар.
Баһылык – бырааһынньыкка
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Кырдьаҕас куоракка, Карл Маркс аатынан сквергэ, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, Кыайыы болуоссатыгар куорат олохтоохторун кытта көрүстэ, бырааһынньык тэрээһиннэригэр сырытта.
Семен Винокуров уонна Дмитрий Ушницкай хаартыскаҕа түһэриилэрэ