Дьокуускай куорат 2024 уонна былааннаммыт 2025-2026 сыллардааҕы бүддьүөтэ ылылынна
Олохтоох дьаһалта Үпкэ департаменын начаалынньыга Ольга Максимова информациятынан, үп тутаах докумуона уустук, уларыйа турар экономическай усулуобуйаҕа, куорат уокуругун уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын көрдөрүүлэригэр олоҕуран оҥоһулунна.
Куорат уокуругун бүддьүөтэ дефицита суох бигэргэтилиннэ. Эһиилги дохуот уонна ороскуот кээмэйэ – 28 221 мөл. солкуобай, сабаҕалааһын быһыытынан 2025 сылга – 28 205 мөл. солкуобай, 2026 сылга – 28 650 мөл. солкуобай. 2024 сылга 12 907 мөл. солкуобай бэйэ дохуота (23%-нан улаатыннарыллан), бүддьүөт икки ардынааҕы трансферт – 15 314 мөл. солкуобай былааннанар.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи муниципальнай иэс кээмэйэ 4 946 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр уонна РФ Бүддьүөтүн кодексата олохтообут хааччахтааһынын чэрчитинэн оннунан хаалар.
Бүддьүөт сүрүн хайысхата – социальнай, ороскуот 64%-на үөрэҕирии систиэмэтигэр, физкультура уонна спорт сайдыытыгар, култуура эйгэтин уонна социальнай эбэһээтэлистибэлэри толорууга туһуланар.
Үөрэҕирии салаатын сайыннарыыга 2024 сылга 15 931 мөл. солкуобай көрүлүннэ, ити куорат бүддьүөтүн 56%-на.
2024 сылга национальнай экономика ороскуотугар 5 267 мөл. солкуобай көрүлүннэ, 2023 сылга бигэргэтиллибит былаантан 1 045 мөл. солкуобайынан улаатта.
«Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата» салааҕа 2 303 мөл. солкуобай көрүлүннэ, 2023 сылга бигэргэтиллибит былаантан 804 мөл. солкуобайынан улаатта.
Хапытаалынай ууруулар ороскуоттара – 3 788 мөл. солкуобай. Итинтэн судаарыстыбаннай-чааһынай партнерствонан олоххо киирэр бырайыактарга – 608 мөл. солкуобай, тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыыга – 114 мөл. солкуобай, «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназияҕа салҕааһын дьиэни атыылаһыыга – 262 мөл. солкуобай, 77-с кыбаарталга МФЦ тутуллуутугар – 229 мөл. солкуобай, оптуобустар лизиннэригэр – 179 мөл. солкуобай, суол тутуутугар уонна уларытан оҥоруутугар – 1 598 мөл. солкуобай, хаарбах олорор дьиэ пуондатыттан көһөрүүгэ – 326 мөл. солкуобай көрүлүннэ.
Үс сыллаах бүддьүөт сүрүн соруга – социальнай суолталаах ороскуоттары хааччыйыы, национальнай уонна регионнааҕы бырайыактары, киин куорат сайдыытын маастар-былаанын тэрээһиннэрин олоххо киллэрии.