Дьокуускай кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн ыйынньык таҕыста
Туристар көтөн кэлэр сөмөлүөттэригэр, түһэр гостиницаларыгар, маҕаһыыннарга, спорт комплекстарыгар Дьокуускай кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин – музейдарбытын, ирбэт тоҥмутун о.д.а. – билиһиннэрэр босхо ыйынньыктар баар буолуохтара. Ол эбэтэр биһиги куораппыт ыалдьыттара киэн туттар, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөхпүтүн баҕарар сирдэрбитин эрдэттэн билсэн саҕалыахтара.
Каарта-схема үс сүрүн маршруттан турар: «Знакомство с Якутском», «Экскурсия в мерзлоту» уонна «Якутск музейный». Ыйынньыгы ыалдьыттар дойдуларыгар илдьэ баран, Сахабыт сирин уонна кини киин куората Дьокуускайбыт историятын, култууратын, археологиятын, этнографиятын, сиэрин-туомун, үгэстэрин туһунан өр кэмнэргэ өйдүү-саныы сылдьаллара саарбаҕа суох.
Бу дьоһун бэлэх – VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньуулары көрсө «АРТиТМ» ГАУ, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын уонна PressPass коммуникационнай агентство кыттыгас бырайыактара. Ол туһунан Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Урбааҥҥа, потребительскай ырыынакка, туризмы уонна тырааныспары сайыннарыыга департамена иһитиннэрэр.