12.11.2021 | 11:30

Дьокуускай «IT-киин куорат» бырайыагы билиһиннэрдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уһук илиҥҥи куораттар сайдыыларын былааннарын презентациятыгар Дьокуускай «IT-столица» диэн куорат социальнай-экономическай сайдыытын бырайыагын билиһиннэрдэ. Бу туһунан баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Презентация ВЭБ.РФ сайдыытын уонна «СКОЛКОВО» 100 улахан куораттар салайар каадырдарын бырагыраамаларын чэрчитинэн ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кытынна.
«Дьокуускай соруга киэҥ далааһыннаах буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга буоларбар IT эйгэтигэр 1500 киһи үлэлиир этэ, билигин – 3500. 2024 сылга диэри ити сыыппара 10 тыһыынча киһиэхэ тиийиэхтээх, итини түргэнник ситиһиэхпит дии саныыбын. Биһиэхэ Ураал уҥуоргу өттүгэр саамай бөдөҥ 10 тыһ. кв. м. тахса иэннээх, оҥоһуу интеллектэн саҕалаан сүдү суолталаах соруктары быһаарар резиденнэрдээх IT-паарка баар», — диэтэ кини.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин IT-салаатыгар 5 000 исписэлиис баар, 2030 сылга диэри 25 000 киһи буолуохтаах. Ити эйгэҕэ үлэлиир предпринимателлэр 1 млрд. дуоллар кэриҥэ харчыны киллэрэллэр, инники өттүгэр дохуот 20 млрд. дуоллартан тахса буолуохтаах.
«2030 сылга диэри IT-салаатыгар үлэлээччилэр ахсааннарын 5 тыһыынчаттан 25 тыһыынчаҕа диэри элбэтиэхпитин баҕарабыт. Цифровой эйгэ хас биирдии куорат олохтооҕо бэйэтин кыаҕын толору арыйарыгар олук уурар. Сыалбытын ситиһэргэ хас да улаҕан блогу бэлиэтээтибит: тиһиктээх IT-үөрэхтээһин систиэмэтин оҥоруу, куорат хаһаайыстыбатын цифровизациялааһын, табыгастаах куорат эйгэтэ, экономика креативнай  тэтимин үрдэтии», — диэн презентацияҕа кэпсээтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Бэлиэтээн этиллибитинэн, былааннары «гибриднай» көрүҥүнэн, бары санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэри тутуһан көмүскээбиттэр. Тэрээһин кыттыылаахтара ПЦР экспресс-тиэстэрин туттарбыттар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...