22.12.2022 | 11:00

Дьокуускай — инновация эргийэр киинэ

Саха сирэ инновация эргийэр киинэ буоларыгар итэҕэйэҕит дуо? Бүгүҥҥү бырайыактары, Сахабыт сиригэр айыллан-тутуллан тахсыбыт таҥас даҕаны, тимир даҕаны тэриллэри аахтаххытына, бука, 100 % итэҕэйиэххит. Ол курдук, IT-паарка быйылгы бырайыактарын билиһиннэрэбит.
Дьокуускай — инновация эргийэр киинэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

IT-пуховик

Аныгы үйэҕэ мобильнай сыһыарыынан үлэлиир IT-пуховик – Саха сирин биир киэн туттуута. Биир кыһыҥҥы күн оптуобус кэтэһэ тоҥо-хата турар Валераҕа «Ама, бачча үлүгэр тоһуттар тымныыга хайдах ититиллэр пуховига суох олоробут?” диэн санаа көтөн түспүт. 10-с кылаас үөрэнээччитэ Валера Максимов — «Кванториум» оҕо технопааркатын уһуйуллааччыта.

Ититиллэр конструкциялаах пуховик сэлиэччик быһыылаах уонна итиитин литий батареяларынан биэрэр. Анал мобильнай сыһыарыы көмөтүнэн тустаах эрэсиими талан, температуратын улаатыннарыахха да, аччатыахха да сөп эбит. Ол курдук, бэйэтэ сылыйар куурка уопсайа үс таһымҥа сылааһы тутар: -25 кыраадыс тымныы, -40 кыраадыс тымныы уонна -50 кыраадыс тымныы. Эдэр айтишник үлэтин өссө даҕаны сайыннарар былааннаах. Бүгүҥҥү туругунан, сыһыарыыны оҥоруу уонна кэтээн көрүү үлэлэрэ ыытылла тураллар.

IT-пуховик 2023 сыл бастакы кыбаарталыгар номнуо киэҥ араҥаҕа атыыга тахсара күүтүллэр.

Киинэни кыра да учаастакка көрүөхпүт

«Extra Cinema»  – улахан экраҥҥа киинэ көрдөрөр проектор. Омуктар технологияларыттан туох даҕаны уратыта суох аппарааты биһиги биир дойдулаахпыт Пётр Чиряев айан-тутан таһаарбыта. Сабыс-саҥа айыллан тахсыбыт «буруолуу» сылдьар оборудование биһиги усулуобуйатыгар табыгастаах өрүтэ элбэх, ол иһигэр аҕыйах нэһилиэнньэлээх дэриэбинэлэргэ туруоруохха сөп. Аппараат номнуо өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны оройуонун кулуубугар таҥыллан турар. Бырайыак ааптара этэринэн, проекторы таҥыан иннинэ үс сыл устата араас дойдуларынан сылдьан, элбэх кэпсэтиилэри ыыппыт, бэл, программистары кытта хас даҕаны аппарааты оҥорон көрбүттэр. Проектор сыаната – 650 тыһ. солк, ис бараана барыта Кытайтан кэлэр.

 

Саха учуонайдара килиэй айбыттар

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет учуонайдара Белоруссия национальнай наукаларын академиятын металлополимернай систиэмэни үөрэтэр учуонайдарын кытта бааһырыыттан харыстыыр медицинскэй килиэйи айан таһаарбыттар. Исписэлиистэр эппиттэринэн, килиэй киһи доруобуйатыгар туох даҕаны буортута суох. Бүтүннүү натуральнай каучуктан уонна полизобутилентан оҥоһуллубут.

Баһаары кытта бороһуок охсуһуоҕа

«Якутия» технопаарка резиденнэрэ ойуур баһаарын утары охсуһар саҥа ньыманы айбыттар. Ол курдук, F451 «Быыһааччы» диэн ааттаах бороһуок номнуо тургутуулары ааһан, көдьүүстээҕин дакаастаабыт. Дьикти бороһуогу уоту умуруорууга уонна уот турарын сэрэтиигэ туһаныахха сөп эбит. Ону таһынан айылҕаҕа куһаҕан дьайыыта суох диэбиттэр.

Бороһуогу кэлэр сылларга ойуур баһаардарыгар өссө тургутан көрөр былааннаахтар.

«Batrak.ВСМ» илии үлэтин солбуйуоҕа

Хаары хомуйарга, кумаҕы эбэтэр үлтүркэй тааһы тиэйэргэ олус табыгастаах дьоҕус погрузчиктар баар буолбуттар. Саҥа тиэхиньикэнэн инникитин илии үлэтин өссө элбэх көрүҥүн солбуйтарар былааннаахтар. Бырайыак көҕүлээччитэ Геннадий Бубенчиков 2018 сылтан технопаарка резиденэ.

«Batrak.ВСМ» анал сертификаттаах, сыаната — 270 тыһ. солк.

Погрузчигынан туттарга олус судургу, анал бэлэмнэниини ааһар наадата суох. Дьиэ таһынааҕы үлэни чэпчэтэр дьоҕус тэрил сыанатыгар толору эппиэттиир диэххэ сөп.

Бэйэ бэлисипиэтэ

Саха сиригэр ититэр оһохтору оҥорор собуот үлэлээн эрэрин үксүбүт үөрэ истибитэ. Аны бу бэрт соторутааҕыта анал байыаннай эпэрээссийэҕэ оһохтоох балааккалары оҥорон ыыппыттара, ол туһунан хаһыаппытыгар суруйан турабыт. Аныгылыы көрүүлээх дьон идеята манан муҥурдаммат. Арассыыйа ырыынагар аны бөҕө-таҕа оҥоһуулаах электрическэй бэлисипиэттэри оҥорон таһаарар былааннаахтар. Тырааныспар сыаната омук дойдутун бэлисипиэтиттэн хас даҕаны бүк чэпчэки буолара күүтүллэр. Аан дойдуга биллэр «Яндекс» IT-хампаанньа интэриэһиргээбит сонун бэлисипиэтэ 40 км/ч түргэннээх эбит. Электробайк бэйэтэ биэс араас ускуорастаах, икки олорор миэстэлээх (оҕо уонна улахан киһи).

Айан таһаарааччылар Саха сирин оллур-боллур суолларын учуоттаабыттар, онон тыа да сиригэр туох даҕаны ааттаах тэрил буолара чахчы. Конструкция барыта ыстаалтан оҥоһуллубут. Тымныыга анал көлүөһэни кэтэрдиэххэ наада. Сыаната быһа холоон 50 тыһ. солк. буолара сабаҕаланар. Эһиилгиттэн Саха сиригэр киэҥник тарҕанара күүтүллэр.

Бырааска суруйтарыы судургутуйуон сөп

IT-Kitchen хампаанньа медицинскэй клиникаларга аналлаах сыһыарыыны оҥорбут. Сыһыарыы көмөтүнэн ким баҕарар ханнык баҕарар поликлиника бырааһыгар уонна чинчийиилэригэр суруйтарыан сөп. Доруобуйа кыһалҕатын түргэнник быһаарарга, уһун уочарата суох бырааска суруйтарарга, чааһынай клиникаларга ыарыһахтары буларга көмөлөһөр аналлаах бырайыагы олоххо киллэрии 2023 сыл бастакы ыйдарыгар былааннанар. Функциялара: электроннай медицинскай каарта, бырааска онлайн суруттарыы, быраас түмүгүн тута көрүү, билсии, эмчити кытта сибээһи олохтооһун. Бырайыакка уопуттаах быраастар уонна «Аврора» медицинскэй клиника исписэлиистэрэ үлэлэһэллэр.

 

Тымныыны тулуйар эрэһиинэ

Тымныыбыт муҥутаан сытыырхайан турар күннэрэ-дьыллара үүннүлэр, улахан кыһалҕата суох таһырдьа тахсыбат, бэл, массыынаны таһаарбат үлүгэрэ буолла.

Ол эрээри М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет учуонайдара айан таһаарбыт массыына эрэһиинэлэрэ өрөспүүбүлүкэ улахан тэрилтэлэригэр номнуо тургутуулары ааһан, Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар табыгастаахтарын бигэргэттилэр. Ол курдук, кинилэри  «Анаабыр алмаастара” хампаанньа уонна Арассыыйа ЫБММ регионнааҕы управлениетын анал тиэхиньикэлэрэ тургуттулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....