Дьокуускай гидропоһугар уу таһыма намтаабыт
Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрбитинэн, ыам ыйын 20 күнүгэр Дьокуускай куорат гидропоһугар уу таһыма түспүтэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, уу таһыма 594 см буолбут (уу таһымын кутталлаах кэрдииһэ – 827 см). Сарсыарда 10 чаастан 3 см намтаабыта бэлиэтэнэр.
12 чааска Табаҕа гидропоһугар уу таһыма 810 см (уу таһымын кутталлаах кэрдииһэ – 970 см), Кангалаас микрооройуонугар 942 см (уу таһымын кутталлаах кэрдииһэ – 1000 см).
4 чаас иһигэр Табаҕа сэлиэнньэтин аннынан уу таһыма 6 см, онтон Кангалааска 11 см намтаабыт. Табаҕаҕа муус устара орто, Кангалааска уонна Дьокуускайга сэдэх.
«Ыам ыйын 20 күнэ үүнэр түүнүгэр уу таһыма 603 см тиийэ сылдьыбыта, сарсыарда 597 см диэри түспүтэ. Билиҥҥи туругунан уу намтаан иһэр. Сорох тиэргэннэр ууга бардылар», – диир Промышленнай уокурук салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Евдокия Сидорова.
Бу иннинэ Даркылаах микрооройуон тиэргэннэрэ ууга барбыттара. Бүгүҥҥү туругунан Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум дьиэтигэр (Сэбиэскэй Аарымыйа 50 сыла уул., 86/1) арыллыбыт быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа 8 киһи регистрацияламмыт.