Дьокуускай фермердара бырыһыана суох заему ылыахтара
Дьокуускай сайдыытын Пуондата куорат агропромышленнай комплексын субъектарыгар анаан «Займ без процентов» оҥорбут. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Займ без процентов» тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылары, кураан дьыл буолан от үүммэтэҕинэн сибээстээн. өйүүр сыаллаах оҥоһуллубут. Ити категорияҕа киирээччилэр бары 300 тыһыынча солкуобайга тиийэ микрозаему ылар кыахтаннылар.
Микрозаем сыала – ГСМ, сапчаас уонна сүөһү аһылыгын атыылаһыыга туттуу. Заем ыстаапката – 0%. Болдьоҕо – 12 ый, аҕыйах докумуон туттарыылаах.
Итини таһынан Пуондаҕа чэпчэтиилээх ыстаапкалаах 5%-наах заем баар.
Пуонда аадырыһа: г. Якутск, ул. Орджоникидзе, 36, 1-кы корп., 4 этээс, 403-1 кэбиниэт. Ыйыталаһар төлөппүөн 8924(870)0071, эл. почта fondapk.yakutsk@mail.ru, докумуоннары fondykt.ru сайтан «Документы» салааттан хачайдыахха сөп.